Владимир Путин уопсастыбаннай палаатаны кытары көрүстэ

Share

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 3 күнүгэр уопсастыбаннай палаата чилиэннэрин кытары көрсөн, тирээн турар боппуруостары ырытта.

Быйыл уопсастыбаннай палаата ахсыс төгүлүн саҥалыы талыллан үлэлиир. Көрсүһүүгэ эрэгийиэннэр уопсастыбаннай палааталарын салайааччылара кытыннылар. Быйылгы мунньахха Арассыыйа састаабыгар киирбит түөрт эрэгийиэн эмиэ кыттыыны ылла.

Бэрэсидьиэн Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлээн туран, уопсастыбаннай түмсүүлэр билигин улахан оруолу ылалларын бэлиэтээн эттэ.

Кэлиҥҥи сылларга судаарыстыба өттүттэн уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, кинилэр бырайыактарын олоххо киллэриигэ араас өрүттээх үлэ ыытыллар. Холобур, аҥаардас бэрэсидьиэн гранынан 125 миллиард солкуобай бэриллибит. Омос көрдөххө, бу кураанах сыыппара курдугун иһин, бу сыыппара мөлүйүөнүнэн киһи олоҕун таарыйар. Бу бырайыактар бары уопсастыбаттан тахсыбыт буоланнар, күннээҕи олохпутун кытары ыкса сибээстээхтэр. Салгыы да бу хайысханан үлэ өссө күргүөмнээхтик барыа диэн эрэнэбин, — диэн этэр кини.

Владимир Владимирович байыаннай операция кыттыылаахтарын туһунан этэригэр билигин байыастар дьиэ кэргэттэригэр, бааһыран кэлбит саллааттарга көмөлөһүү “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонданы кытары тэҥҥэ барарын эттэ. “Уопсастыбаннай палаата “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” пуонданы кытары ыкса үлэлэһэҕит. Чуолаан байыастар дьиэ кэргэттэригэр, бааһыран кэлбит саллааттарга күүс-көмө буолаҕыт. Бу олус суолталаах уонна билигин инники күөҥҥэ турар боппуруоспут. Түгэнинэн туһанан, эһиэхэ барыгытыгар махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Уонна бу үлэҕитин салгыы эрэгийиэннэри кытары тэҥҥэ ыытыҥ”, — диэн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago