Владимир Путин “Валдай” кулуубугар кытынна

Владимир Путин “Валдай” кулуубугар кытынна

28.10.2022, 11:34
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, бэҕэһээ, алтынньы 27 күнүгэр, “Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтии кулуубун пленарнай мунньаҕар кытынна. Кини этэринэн, “Валдай” аан дойду таһымыгар араас санааны этэргэ, дьүүллэһэргэ тоҕоостоох былаһаакка.

Санатан эттэххэ, “Валдай” норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтии кулууба 2004 сыллаахтан үлэлиир. Бастакы мунньах Валдай күөл үрдүгэр Новгород куоракка ыытыллыбыта. Бу кулууп тас дойдуларга Арассыыйа туһунан кэпсиир, араас тиэмэҕэ үгүс экспери, бэлиитиктэри, дипломаттары, уопсастыбаннай деятеллэри, суруналыыстары биир былаһааккаҕа мунньар сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Манна үгэс быһыытынан пленарнай мунньахха Арассыыйа бэрэсидьиэнэ дакылаат оҥорор.

Владимир Путин бэлиэтииринэн, “Валдай” аан дойдуга араас санааны этэргэ табыгастаах былаһаакка.

Валдайдааҕы кэпсэтиилэр саамай сүрүннэрэ диэн манна араас сыанабыл этиллэр, дьүүллэһии да, барыллаан көрүү да араас. Бу кулууп чэрчитинэн эрдэ аан дойдуга уларыйыылар буолуохтарын, норуоттар икки ардыларынааҕы бырааптар кэһиллэр кутталлаахтарын, аҥаардастыы биир эрэ дойду быраабылатынан олорор табыллыбатын, о.д.а. тустарынан үгүстэ кэпсэтэн турабыт. Итини барытын олохпут бэйэтэ да көрдөрөн таһаарда, инники кэпсэппиппит бу тирээн кэллэ, — диэн иһитиннэрэр кини киирии тылыгар.

Кэпсэтиигэ быйыл барыта 41 дойдуттан экспертэр кыттыыны ыллылар. Ол иһигэр Афганистан, Бразилия, Германия, Египет, Кытай, Индия, Индонезия, Иран, Казахстан, АХШ, Турция, Франция, Узбекистан, о.д.а. дойдулар кэпсэтиигэ кыттыстылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: