Владимир Путин Вьетнамҥа сырыытыттан

Share

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэс ыйын 20 күнүгэр Вьетнам бэрэсидьиэнин То Ламы кытары көрсөн кэпсэттэ.

Бу көрсүһүү Арассыыйа уонна Вьетнам бэйэ бэйэлэрин кытары дипломатическэй сыһыаны олохтообуттара 75 уонна бииргэ үлэлэһиигэ дуогабар баттаспыттара 30 сыллаах үбүлүөйдэрин чэрчитинэн ыытылынна.

Дойдулар салайааччыларын кэпсэтиилэригэр Вьетнам бэрэсидьиэнэ То Лам Арассыыйаны кытары сыһыаҥҥа ураты суолтаны биэрэрин бэлиэтээтэ.

Биһиги урут да, билигин да Арассыыйаны кытары сыһыаҥҥа ураты болҕомтобутун уурабыт. Арассыыйа Вьетнам тутулуга суох буолуутугар, автономиятын ылыныытыгар, салгыы атаҕар туруутугар улахан өҥөлөөх. Биһиги ону умнубаппыт. Вьетнам билигин кимтэн да тутулуга суох эйэлээх бэлиитикэни ыытар. Ол эрээри Арассыыйаны кытары үйэлээх доҕордоһуубутун инники күөҥҥэ тутабыт, — диэн иһитиннэрдэ.

Владимир Путин бу кэлиҥҥи отут сылга Арассыыйа уонна Вьетнам биир ситимнээх үлэни ыытан кэлбиттэрин бэлиэтээтэ. Ол иһигэр пармаленнар, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, баартыйалар, эрэгийиэннэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр икки ардыларыгар үлэ барбытын эттэ.

Отучча сыл устата биһиги дойдуларбыт биир ситимнээхтик үлэлээн кэллилэр. Ол иһигэр парламеннар, министиэристибэлэр, баартыйалар, эрэгийиэннэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр таһымнарыгар эмиэ үлэ барда. Эргиэн, атыы-тутуу чааһын ылан эттэххэ, манна эмиэ эбиллии тахсыбыта көстөр. Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, атыы-тутуу аҕыс бырыһыанынан үрдээбит. Манна, биллэн турар, Евразия экэнэмиичэскэй сойууһун кытары Вьетнам дуогабар түһэрсэн үлэлиирэ улахан оруоллаах, — диэн этэр кини.

Түмүккэ Владимир Путин Вьетнам бэрэсидьиэнин эһиил Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүгэр Москваҕа ыҥырда.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

2 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

3 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

4 часа ago