Владимир Путин: “Үлэбитин өссө тэтимирдиэхпит”

Владимир Путин: “Үлэбитин өссө тэтимирдиэхпит”

26.10.2022, 08:39
Бөлөххө киир:

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин былаас бары таһыма билигин атыннык үлэлиир кэмэ кэлбитин, кумааҕы, бюрократия кэннигэр саспакка баар балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналыырга эттэ бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, ыыппыт мунньаҕар.

РФ бэрэсидьиэнэ бэҕэһээ бырабыыталыстыба иһинэн тэриллибит анал байыаннай эпэрээссийэ наадыйыытын сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕын ыытта. Санатан эттэххэ, бу сэбиэт Владимир Путин дьаһалынан алтынньы 21 күнүгэр тэриллибитэ. Салайааччынан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин анаммыта.

Владимир Владимирович мунньахха экэниэмикэ бары эйгэтигэр уларытыыны киллэрэр уолдьаспытын бэлиэтээтэ.

Тас дойдулар киллэрбит араас хааччахтарынан, анал байыаннай эпэрээссийэнэн сибээстээн экэниэмикэбит бары эйгэтигэр уларытыыны киллэриэххэ наада диэн эрдэ кэпсэтэн турабыт. Ол иһигэр нормативнай базабытын эмиэ саҥардыахпытын наада. Бу экэниэмикэҕэ, оҥорон таһаарыыга, сэбилэниилээх күүстэргэ, анал байыаннай эпэрээссийэни ыытыыга барытыгар сыһыаннаах. Биһиги, дьиҥэр, бу чааһыгар үгүс ыарахаттары өссө пандемия кэмигэр көрсүбүппүт. Манна кэмигэр быһаарыныы ылынан, үлэбитин саҥалыы оҥорон барбыппыт, ол иһигэр нормативнай базабытын даҕаны саҥардыбыппыт, билиҥҥи кэмҥэ туһаны аҕалбат, төттөрүтүн сайдыыбытын харгыстыыр түгэннэри да суох оҥорбуппут, — диэн этэр кини.

Бэрэсидьиэн анал байыаннай эпэрээссийэни сөптөөхтүк хааччыйыыга үлэ өссө тэтимириэхтээҕин, билиҥҥи баар балаһыанньаны дьиҥ-чахчы хайдах баарынан ылынар наадатын бэлиэтээтэ.

Билигин анал байыаннай эпэрээссийэни ыытыыга, ону хааччыйыыга, экэниэмикэбитин тупсарыыга үлэбитин саҥардан, тэтиммитин өссө күүһүрдэн биэриэхпитин наада. Саҥаны киллэрии судаарыстыбаны салайыыга киириэхтээх. Онуоха бары министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, бары эйгэлэр, ол иһигэр сэбилэниилээх күүстэр, экэниэмикэ бары хайысхалара, эрэгийиэннэр, биир ситимнээхтик үлэлиэхтээхтэр. Билиҥҥи баар балаһыанньаны дьиҥ-чахчы хайдах баарынан ылынар уонна онно сөптөөхтүк эппиэттиэх тустаахпыт, ити аҥаардас байыаннай эпэрээссийэҕэ эрэ буолбакка, экэниэмикэбит бары эйгэтигэр сыһыаннаах, — диэн иһитиннэрэр.

Манна сыһыаран Владимир Владимирович уруккулуу үлэлии олорор билигин табыллыбатын эттэ.

Билигин урукку курдук кумааҕы, нуорма кэннигэр саһан олордохпутуна туох да түмүгү ылыахпыт суоҕа. Баар нуормалар урукку кэмҥэ уонна атын балаһыанньаҕа оҥоһуллубуттара. Онон өйдүөх тустаахпыт, норматив диэн норматив, ол билиҥҥи үлэбитигэр барсыбат буоллаҕына, тута уларытан эбэтэр саҥа усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэрэн иһиэхпитин наада, биллэн турар, манна баар сокуоннары тутуһан туран, — диэн бэлиэтиир кини.

Владимир Путин байыаннай эпэрээссийэ туһунан этэригэр саллааттары хааччыйыы боппуруоһун бастакы уочарат көтөхтө.

Байыаннайдар туттар маллара-саллара, таҥастара-саптара, оборудованиелара барыта баар буолуохтааҕын ааһан, аныгылыы, киһи тутта-хапта сылдьарыгар табыгастаах буолуохтаах. Хас биирдии хайысхаҕа манна чуолкай үлэ былаана наада. Ону таһынан оҥорон таһаарааччылар миэстэтиттэн оборудование, мал-сал хайдаҕын, туттарга төһө табыгастааҕын билэллэрэ ирдэниллэр, — диэн этэр Владимир Владимирович.

Уонна түмүккэ: “Билигин аҥаардас сылдьыбыт эрэ ыырдарбытынан, тэпсибит эрэ ыллыктарбытынан сылдьар тутах. Биһиги экэниэмикэ бары хайысхатыгар күөн көрсүһүүнү улаатыннарыахпытын наада, саҥа оҥорон таһаарааччылар наадалар, аныгылыы, саҥа форматынан үлэлиир уонна хаачыстыбалаах табаары таһаарар. Бу мэдиссиинэҕэ, тутууга эмиэ сыһыаннаах. Итини таһынан эрэгийиэннэргэ көмөнү болҕомто киинигэр тутуҥ”, — диэн иһитиннэрдэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: