Салгыы
Владимир Путин: «Үлэтэ суох буолуу муҥутуур намыһах көрдөрүүлээх — 2,3%»

Владимир Путин: «Үлэтэ суох буолуу муҥутуур намыһах көрдөрүүлээх — 2,3%»

19.12.2024, 19:02
Хаартыска: НТВ ханаалтан скрин.
Бөлөххө киир:

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ саҕаланна. 

Быйыл ыйытыылары түмэргэ аан бастаан «Сбер» «Гига чат» Оҥоһуу өйө үлэлээтэ. Ол  түмүгэр, саамай элбэх ыйытыы социальнай эйгэҕэ киирбит — 20%. Эрэгийиэннэринэн эмиэ түмүк оҥорор. Маны тэҥэ, сыана үрдээһинэ элбэх дьону долгутар.

Бастакы ыйытыы экэниэмикэ  туһунан буолла.

— Туох барыта — оборуона, дьон олоҕун таһыма, оҥорон таһаарыы барыта экэниэмикэттэн тутулуктаах. Төһө да тас дойдулар ссаҥсыйанан  суоһааталлар, туох да буолбутун иһин, экэниэмикэбит бигэ туруктаах. Былырыын экэниэмкэбит үүнүүтэ 3,65 % этэ, быйыл 3,9%, баҕар, 4 % буолуоҕа. Ол аата икки сыл иһигэр экэниэмикэбит үүнүүтэ 8% кэриҥэ буолла. АХШ-ка ити сыыппара — 5,6 %, Европа дойдуларыгар — 1 %, Германияҕа — 0 %.

Аан дойдутааҕы экэниэмикэ институттара Арассыыйаны экэниэмикэ кээмэйинэн Европаҕа 1-кы миэстэҕэ, аан дойдуга 4-с миэстэҕэ туруорбуттара. Иннибитигэр Кытай, АХШ, Индия бааллар, кэннибитигэр — Японияны, ФРГ ситтибит. Бу көрдөрүүнэн уоскуйан, тохтоон хаалыа суохтаахпыт.

Атын көрдөрүүлэр эмиэ бааллар. Холобур, үлэтэ суох буолуу таһыма муҥутуур намыһах буолла — 2,3 %. Маннык хаһан да убола илик этэ. Бырамыысыланнас үүнүүтэ — 4,4% .

Арай инфляция үүнүүтэ — 9,3%  сэрэхэчитэр. Ол эрээри хамнас эмиэ ортотунан 9% үрдээтэ. Бырабыыталыстыба уонна Киин Баан кэлэр сылга инфляция үүнүүтүн тохтотор, 2 %-нан намтатар миэрэлэри ылынарга үлэлиэхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: