Хаартыска: НТВ ханаалтан скрин.
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтэ саҕаланна.
Быйыл ыйытыылары түмэргэ аан бастаан «Сбер» «Гига чат» Оҥоһуу өйө үлэлээтэ. Ол түмүгэр, саамай элбэх ыйытыы социальнай эйгэҕэ киирбит — 20%. Эрэгийиэннэринэн эмиэ түмүк оҥорор. Маны тэҥэ, сыана үрдээһинэ элбэх дьону долгутар.
Бастакы ыйытыы экэниэмикэ туһунан буолла.
— Туох барыта — оборуона, дьон олоҕун таһыма, оҥорон таһаарыы барыта экэниэмикэттэн тутулуктаах. Төһө да тас дойдулар ссаҥсыйанан суоһааталлар, туох да буолбутун иһин, экэниэмикэбит бигэ туруктаах. Былырыын экэниэмкэбит үүнүүтэ 3,65 % этэ, быйыл 3,9%, баҕар, 4 % буолуоҕа. Ол аата икки сыл иһигэр экэниэмикэбит үүнүүтэ 8% кэриҥэ буолла. АХШ-ка ити сыыппара — 5,6 %, Европа дойдуларыгар — 1 %, Германияҕа — 0 %.
Аан дойдутааҕы экэниэмикэ институттара Арассыыйаны экэниэмикэ кээмэйинэн Европаҕа 1-кы миэстэҕэ, аан дойдуга 4-с миэстэҕэ туруорбуттара. Иннибитигэр Кытай, АХШ, Индия бааллар, кэннибитигэр — Японияны, ФРГ ситтибит. Бу көрдөрүүнэн уоскуйан, тохтоон хаалыа суохтаахпыт.
Атын көрдөрүүлэр эмиэ бааллар. Холобур, үлэтэ суох буолуу таһыма муҥутуур намыһах буолла — 2,3 %. Маннык хаһан да убола илик этэ. Бырамыысыланнас үүнүүтэ — 4,4% .
Арай инфляция үүнүүтэ — 9,3% сэрэхэчитэр. Ол эрээри хамнас эмиэ ортотунан 9% үрдээтэ. Бырабыыталыстыба уонна Киин Баан кэлэр сылга инфляция үүнүүтүн тохтотор, 2 %-нан намтатар миэрэлэри ылынарга үлэлиэхпит.
Уопсайа 500-тэн тахса араас саастаах дьон «Вместе Победим!» диэн сүүрүүгэ кыттыыны ыллылар. Бу аахсыйа онкологическай…
Дьылҕа хаан ыйааҕа билиэҕэ диэн санаа сахаларга хайдах, хаһан кэлбитин билбэтим гынан баран, хас биирдии…
2025 сылга “Үлэ киһитэ‑2025” үрдүк ааты ылбыт дьон ортотугар Бүлүү улууһуттан ийэлээх кыыс бааллара биир…
Саха ынаҕын иитиэн баҕалаах ыал ыйытыытыгар Эбээн Бытантайтан хоруйдаатылар. — Саха ынаҕын иитиэхпитин баҕарабыт. Онон бу…
Мин аҕам туһунан бэрт уһун кэм устата ахтыбакка, суруйбакка сылдьан баран, дьэ бу Улуу Кыайыы…
Нуучча улуу бэйиэтэ, драматура уонна прозаига Александр Пушкин төрөөбүт күнүн көрсө бэйиэт айар үлэтигэр сүгүрүйээччилэр…