Владимир Путиҥҥа Уһук Илин күнүн олохтуур туһунан этиини киллэрдилэр

Share

Балаҕан ыйын 25 күнүн Уһук Илин күнүнэн билинэр туһунан Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Александр Горохов Дьокуускайга баар Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайыгар этиитин киллэрдэ.

Ону таһынан кини Владимир Путин аадырыһыгар Уһук Илин уонна Арктика сиригэр-уотугар научнай экспедицияны тэрийэр туһунан эттэ. Манна сылдьан бу сирдэргэ олорор норуоттар тылларын, култуураларын, устуоруйаларын үөрэтэр, экологическай уонна климатическай уратылары быһаарар наадатын туһунан санаатын эттэ.

Горохов этэринэн, бу үлэлэргэ Арассыыйа Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын учуонайдарын уонна Нуучча географическай уопсастыбатын өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын кыттыһыннарыахха наада.

Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара 2024 сыл кулун тутар 15-17 күннэригэр буолуоҕа. Киин быыбардыыр хамыыһыйа түөрт хандьыдааты регистрациялаабыта. Бу — билиҥҥи бэрэсидьиэн Владимир Путин (бэйэ туруорунуута),  Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкай (ЛДПР) уонна Владислав Даванков («Новые люди»).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

21 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

51 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах». Кимнээх кыайдылар?

 Соторутааҕыта ыытыллыбыт  «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах»  норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…

2 часа ago