Владимир Сивцев: «Кэлэр 2025 сылтан муоста тутуутун үлэтэ күүстээхтик саҕаланыаҕа»
Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр сүрүн хайысхалартан биирдэстэринэн суол инфраструктуратын сайдыыта буолар.
СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев санаатын үллэһиннэ:
— Дойду бэрэсидьиэнэ уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит аҕа баһылыга суол-иис, тырааныспар биир ситимнээх буолуутун хааччыйыыга улахан соруктары туруораллар. Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуутун туһунан этэр буоллахха, баҕа санаа чахчы туолар кыахтаах. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ эбэни туоруур муостаны тутууга туруорбут соруктара төһө да уустугун иһин, олоххо киирэн эрэллэр. Үлэ бара турар. Муоста тутуутун бырайыага дойду бэрэсидьиэнин хонтуруолугар сылдьар.
Кэлэр 2025 сылтан муоста тутуутун үлэтэ күүстээхтик саҕаланыаҕа. Бу сылынан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак түмүктэнэр, ол эрээри «Инфраструктура для жизни» диэн саҥа национальнай бырайыакка салҕаныаҕа. Бүтэһик сылларга федеральнай суолга-иискэ үгүс стратегическай боппуруос быһаарыллыбыта. 2025-2027 сс. Суол пуондатын үбүлээһин кээмэйигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 10 млрд.солкуобай таһымыгар хаалыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: