Владимир Сивцев: «Субсидияламмыт билиэттэр араас хайысхаларга бааллар»

Владимир Сивцев: «Субсидияламмыт билиэттэр араас хайысхаларга бааллар»

Ааптар:
07.06.2023, 13:00
Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Атыыга субсидияламмыт билиэттэр «Дьокуускай-Санкт Петербург», «Дьокуускай-Новосибирск», «Дьокуускай-Сочи-Минеральные воды» хайысхаларынан бааллар. Ону таһынан, Москваҕа Мииринэйтэн субсидияламмыт билиэтинэн көтүөххэ сөп. Бу туһунан бэс ыйын 6 күнүгэр Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

«Дьокуускайтан Москваҕа көтөр субсидияны “Аэрофлот” хампаанньа ылбыта. Ол эрэн билигин Дьокуускай аэропуордун көтөр балаһата өрөмүөннэнэ турар. Кылгас балаһаттан көтөр сөмөлүөт бу хайысхаҕа суох. Рейстэри “Аэрофлот” балаҕан ыйыттан сөргүтэрэ күүтүллэр. «Якутия» уонна «S7» авиахампаанньалар Росавиация биллэрбит эбии сүүмэрдээһинигэр сайаапка түһэрбиттэрэ, түмүгүн күүтэбит», — диэн Владимир Сивцев эттэ. 

Министиэристибэ иһинэн ордук табыгастаах сыаналары кэтиир үлэ ыытыллар. Ол курдук, бэс ыйын 20 күнүгэр “Якутия” хампаанньа “Дьокуускай-Москва” хайысхаҕа олоҕурбут тарыыптаах – 24 600 солкуобайга билиэттэр атыыланаллар. Итиэннэ «S7» хампаанньа Новосибирскай нөҥүө эмиэ бу тарыыбынан тиэйэр эбит.

Владимир Сивцев сөмөлүөт билиэтин эрдэттэн атыылаһар барыстаах диэн сүбэлээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: