Владимир Скрябин байыастар дьонноругар сүбэ-ама биэрдэ
Владимир Скрябин байыастар дьонноругар сүбэ-ама биэрдэ.
Байыастарга уонна кинилэр дьонноругар психологтар көмөлөрө тиһиктээхтик салҕанар. Бары хайысханан 10 150 үлэ ыытылынна. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
«Байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрэ, кэргэннэрэ уонна эдьиийдэрэ, балыстара ордук долгуйаллар. Бу хайысхаҕа кэлим өйөбүлү күүһүрдэр наада«, — диэн бэлиэтиир кини.
Владимир Скрябин байыастар дьонноругар хас да сүбэни биэрдэ:
• Байыаннай сулууспалааҕы кытары кэпсэтэргитигэр холкутуйуҥ, кини күүһүгэр эрэниҥ;
• Барытын сиһилии билэ-көрө сылдьар баҕа аһара барыы буолуо уонна өйгө-санааҕа, турукка долгуйууну үөскэтиэ, стресстэтиэ;
• Бэйэҕит өйдөөн-санаан туран, санааҕыт күүһүнэн үөтэтэ суох сонуннары ыыталларын көрүмэҥ;
• Кыбыстыбакка идэлээх психологтарга уонна өйүүр бөлөххө санааҕытын биллэриҥ, бэйэҕит тускутугар кыһаллыҥ.
Владимир Скрябин психолог учуокка туруорбатын бэлиэтээн эттэ. Психологы кытта үлэ тус бэйэҕитигэр эрэ анаан эбэтэр бөлөххө ыытыллар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ өйөбүлү ылыаххытын сөп. Психологическай арыаллааһын туругу тупсарарга анаан ыытыллар. 8-800-100-35-50 нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: