Владимир Скрябин: психологтар байыастарга көмөлөрө

Share

Байыаннай дьайыы кыттылаахтарыгар психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ уҕараабат.

Нэдиэлэ устатыгар 500-тэн  тахса көмө оҥоһулуннва. Бу саҥа кэлбиттэргэ уонна хаттаан кэлээччилэргэ. Маны сэргэ, 650 кэриҥэ тустаан уонна бөлөххө көмөлөр оҥоһулуннулар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин бу туһунан иһитиннэрдэ.

Доннааҕы Ростовка баар байыаннай госпитальга, психосоциальнай көмө тиһиктээхтик оҥоһуллар. Бу байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр чугас дьонноругар кэлим көмө, кыһамньы. Байыастар да, атын килийиэнэрбит да маннык кыһамньыттан кинилэр өйгө-санааҕа эрэ көмөнү буолбакка, төрөөбүт дойдуларыттан, бүтүн Саха сириттэн өйөбүл, көмө оҥоһулларын курдук ылыналларын этэллэр. Бу уоскуйарга, турук тупсарыгар көмөлөөх. Манна  туох баар ымпыкка-чымпыкка тиийэ көрөн, толкуйдаан, сыаналаан бүтүн хамаанда үлэтэ тэриллэр, — диир кини.

Киин үлэтэ нэһилиэнньэ өйө-санаата, уйулҕата бөҕө уонна харысхаллаах буоларыгар туһуланар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ, бу Курашов 36-гар уонна бары улуустар филиалларыгар маннык хабааннаах үлэ ыытыллар. Ыйытыылаахтар уонна филиаллар төлөпүөннэрин билиэн баҕалаахтар: 31-91-09 нүөмэргэ эрийиэххитин сөп.  8-800-100-35-50 эбэтэр 122 нүөмэргэ эрийэн чопчулаһыаххытын эмиэ сөп.

-Бу үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина тус сүрүннээһининэн ыытыллар. Манна сылдьыы, көмөнү ылыы босхо, атын ааты толкуйдаан сурутуохха эмиэ сөп. Арыаллааһын төһө наадалааҕынан көрөн оҥоһуллар, — диэн иһитиннэрэр Владимир Скрябин.

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

28 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago