Психологтар байыастарга көмөлөрө салҕанар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ 300 саҥа уонна хатыланар, ону сэргэ, 400-тэн тахса биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн үлэлэр ыытылыннылар. Бу туһунан брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин эттэ.
«»Табыс» бэстибээл чэрчитинэн бу күннэргэ психологтарга үөрэтэр тэрээһин ыытылынна. Биһиэхэ киирэр подразделениеларбытын компьютернай тиэхиньикэнэн хааччыйыахтаахпыт. Бу «Росмолодежь» федеральнай ааҕыныстыба «Россия для молодых» гранынан көмөтүнэн«, — диэн этэр кини.
2024 сылга субсидия чэрчитинэн киин үлэһиттэригэр сэминээрдэр уонна тэрээһиннэр былааннаммыттар. «Биллэн турар бу өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатын тупсарыа, ол иһигэр байыастарга көмөнү оҥорууну киллэрэн туран«, — диэн бэлиэтиир Владимир Скрябин.
Дьокуускайга уонна улуустарга филиалларга бу нүөмэргэ эрийэн сурутуохха сөп: 8 (4112) 31-91-09. Бу нүөмэрдэргэ эрийэн ыйыталаһыахха сөп: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.
Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл буоларга, көмөлөһөргө туһуламмыт психологтар үлэлэрэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина тус сүрүннээһининэн ыытыллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…