Салгыы
Владимир Скрябин: «Сыл бастакы аҥаарыгар 7 тыһыынча ыйытыы киирдэ»

Владимир Скрябин: «Сыл бастакы аҥаарыгар 7 тыһыынча ыйытыы киирдэ»

12.07.2024, 16:31
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

От ыйын 12 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин нэдиэлэтээҕи брифиҥҥэ сыл аҥаарын иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 7 тыһыынча ыйытыы киирбитин туһунан эттэ.

Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. «Сыл бастакы аҥаарыгар байыаннай сулууспалаахтартан уонна кинилэр дьиэ кэргэннэриттэн кэлбит 7 тыһыынча кэриҥэ саҥа уонна иккистээн киирбит ыйытыыларынан үлэлээтибит, госпитальга сырыыны эбэн туран. Анал байыаннай дьайыы ыытылларын тухары 29 тыһыынча ыйытыы киирдэ, 37 тыһыынча биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн консультация оҥоһулунна”, — диэтэ Владимир Скрябин.

Хаартыска: sakha.gov.ru саайтыттан

Киин дириэктэрэ этэринэн, бары ыйытыылар босхолор, килийиэн аата ыйыллыбат. Психологтуун үлэ кимиэхэ төһө наадатынан уһуур кыахтаах. Байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрин, кэргэннэрин, аймахтарын өйүүр араас бөлөхтөр бааллар. Чугас киһилэрин сүтэрбит уонна сураҕа суох сүппүт оҕолоох дьоннуун психологтар үлэлэһэллэр. Психологка “табыгаһа суох”, “сөбө суох” диэн тиэмэ  суох.

“Психологтар учуокка кими да туруорбаттар, хас биирдии киһи килийиэн быһыытынан сылдьаллар, бэйэлэрин баҕаларынан ыйыталаһаллар. Наада буоллаҕына идэлээх дьон көмөтүнэн туһаныҥ”, — диэтэ Владимир Скрябин.

8 (4112) 31-91-09 нүөмэринэн Дьокуускайга суруттарыахха эбэтэр филиаллар хантаактарынан билсиэххэ сөп. Төгүрүк суукканы быһа үлэлиир төлөпүөн: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: