Владимир Скрябин: «Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук госпиталларыгар Саха сирин уйулҕа үлэһиттэрин бирэгээдэлэрэ барыыларын сөргүтүөхпүт»

Share

Бу туһунан атырдьах ыйын 2 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.

“Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сирин психологтара байыаннай сулууспалаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 300 саҥа уонна хаттаан киллэрбит туһаайыыларынан көмөлөстүлэр, 400-тэн тахса биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн сүбэни-аманы биэрдилэр. От ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна госпиталга тиийэн үлэлээһининэн барыта 935 байыаннай сулууспалааҕы уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин хаптылар, 1300 психолог көмөтүн оҥордулар” – диэн Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.

Саха сиринээҕи психологическай кииҥҥэ киирбит туһаайыы, ыйытыы барыта кистэлэҥ, психологтар психиатрическай учуокка туруорбаттар. Көмөнү, өйөбүлү ыларга үлэ кэмигэр 8 (4112) 31-91-09 нүөмэринэн төлөпүөннээн сурутуохха сөп. Ити нүөмэринэн тустаах киин улуустааҕы филиалларын туһунан чопчулаһыахха эмиэ сөп. Итэҕэл суукканы эргиччи үлэлиир төлөпүөнэ: 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.

Саха сиринээҕи психологическай киин анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин уйулҕаларын туругун чөлүгэр түһэригэ, бөҕөргөтүүгэ туһаайыллар хайысхата Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина тус сүрүннээһининэн барар.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago