Владимир Солодов Уһук Илиҥҥи уокурук сайдыытыгар санаалара
Национальнай бибилэтиэкэ уонна Ил Түмэн көҕүлээһининэн тэриллибит «Саха сирин кэскилин туһунан 100 интервью» бырайыак чэрчитинэн Камчаатка губернатора Владимир Солодов Уһук Илиҥҥи уокурук сайдыыта Россияҕа оруолун туһунан интервьюта таҕыста.
Владимир Солодов Уһук Илиҥҥи уокурук сайдыытыгар олук буолбут хас да түгэҥҥэ тохтоото. Ордук чорботон Витус Беринг Камчаткатааҕы икки экспедициятын суолтатын бэлиэтээтэ. Беринг оҥорбут чинчийиилэригэр олоҕуран билиҥҥи сайдыыбыт саҕахтара арыллыбыттарын тоһоҕолоото. Иккис сүрүн түгэнинэн Николай Муравьёв-Амурскай Илин Сибиир арыытын, Сахалин уонна Камчатка арыыларын баһылааһыҥҥа өҥөтүн аҕынна. Үһүс кылаабынай түгэнинэн, 20-с үйэни аймаабыт Аҕа дойду Улуу, Аан дойду иккис уоттаах сэриитэ буоларын, Камчаткаҕа кэлэн түмүктэммитин бэлиэтээтэ.
Владимир Солодов Камчатка уонна Саха сирин инники сайдар саҕахтарыгар бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрбитэ, 100 сылы, биир үйэни тэҥнээн анаарбыта интэриэһинэй.
Арассыыйа ураты килиимэттээх, кый ыраах сытар эрэгийиэнин салайар киһи бэйэтин уопутугар, билиитигэр-көрүүтүгэр олоҕуран анаарыытын бу аллараа бэриллибит сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: