Бэҕэһээ, алтынньы 29 күнүгэр, Москва куоракка Арассыыйа суруналыыстарын XIII сийиэһигэр тустаах уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччытынан Владимир Соловьев иккистээн талылынна.
86 эрэгийиэнтэн 295 дэлэгээт бары биир санаанан салайтаран куоластаабыттарын түмүгэр, РФ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн Владимир Соловьев биэс сылга үлэлииргэ иккистээн талылынна. Ааспыт биэс сылга тустаах сойуус сөҕүмэр элбэх үлэни үмүрүтэн олоххо киллэрбит. 2018 сылтан Арассыыйа үрдүнэн «Арассыыйа үтүөлээх суруналыыһа» диэн бочуотунай наҕараада олохтоммута. Сыл аайы Сочи куоракка аныгы суруналыыстыка боппуруостарыгар пуорум, үгүс эрэгийиэннэргэ «Инфорум» уонна «Диалог культур» диэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ону тэҥэ, суруналыыстарга юридическай өттүнэн сүбэ-ама оҥоһуллар.
Хаартыска: Саха сириттэн тиийбит дэлэгээссийэ.
Сийиэскэ ЛНӨ-төн, ДНӨ-төн, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластартан бэрэстэбиитэллэр анаан-минээн кэлэн кытыннылар. Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэриттэн кэлбит дэлэгээттэр эрэгийиэннэригэр суруналыыстарга сэрэхтээх, кутталлаах кэмнэр үүммүттэрин туһунан кэпсээтилэр уонна РФ Суруналыыстарын сойууһа бары өттүнэн сөптөөх көмөнү оҥороругар ис сүрэхтэриттэн махтаннылар. Киев эрэсиимэ суруналыыстары араастаан куттуура биллэр. Соторутааҕыта суруналыыстар холуонналара Антоновскай муостанан Днепр өрүһү туораан истэҕинэ, аракыатанан ытыалаабыттара. РФ Суруналыыстарын сойууһа байыаннай эпэрээссийэни сырдатыыга үлэлиир суруналыыстарга бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарын кытта тэҥ статуһу биэрэргэ этии киллэрбитэ. ДНӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Виктор Петренко: «Мин холбоһуу буолбутун эт өйбүнэн өйдүүбүн, ылынабын эрээри, аҕыс сыл устата ол туһугар турууласпыт буоламмыт, дууһам ылыммакка, «ыраах көтө» сылдьар. Донбасс балаһыанньатын туһунан атын эрэгийиэннэргэ кэпсии, эрэдээксийэлэри кытта уопут атастаһыыта буолан сөптөөх үлэ саҕаланнаҕына эрэ биһиги Арассыыйа сорҕото буоларбытын, дойдубутугар төннүбүппүтүнэн ааҕыныахпыт. Арассыыйа эрэгийиэннэрэ араас хабааннаах гуманитарнай көмө бөҕөтүн оҥордулар, билигин да оҥороллор. Бу олус наадалаах иһитиннэрии. Ол эрээри, маны сиһилии тиэрдэргэ тустаах исписэлиистэр тиийбэттэр. Билигин ичигэс таҥаһынан хааччыйыы күүскэ бара турар. Биһиэхэ суруналыыстарга Чечня өрөспүүбүлүкэтэ бронежилеттарынан көмөлөһөн абыраата. Онон билигин суруналыыстарбыт син көмүскэнэр, араҥаччыланар тэриллээхтэр диэн уоскуйа быһыытыйдыбыт», — диэн кэпсээтэ.
ДНӨ бэрэстэбиитэлэ быһаарбытынан, өссө 2014 сыллаахха Донбасска ыытыллыбыт референдумҥа норуот бэйэтин санаатын эппит. «Бүгүҥҥү күҥҥэ Донбасска норуот дьэ өрө тыынна. Территориялаах буоллубут. Хас биирдии куораты эрэгийиэннэргэ сыһыартаатылар. Көмө кэлэн иһэр. Элбэх таһаҕастаах улахан массыыналар иһэллэр. Дьиэлэри тутуу саҕаланна. Итини барытын норуот көрөр уонна махтала улахан», — диэн Виктор Петренко иһитиннэрдэ.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…