Салгыы
Владимир Степанов: «Цииркэ артыыһа — саамай үчүгэй идэ»

Владимир Степанов: «Цииркэ артыыһа — саамай үчүгэй идэ»

05.07.2024, 15:31
Хаартыска: "Аргуметы и факты".
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээҥҥи күн дьиҥнээх дьоруойунан Таалай күөл үрдүнэн тардыллыбыт канаат устун хаампыт, цииркэ артыыһа Владимир Степанов буолар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт. Кутталлаах «трюгу» тыһыынчанан киһи тыыммакка да кэтээн көрдө. «Кимий? дииллэр, Кини дииллэр» диэн ырыаҕа ылланарыныы, үгүс киһи билигин Владимир туһунан билиэн баҕарар. Онон кинини кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт.

Хаартыска: В.Степанов тиксэриитэ.

Владимир Үөһээ Бүлүү Далырыттан сылдьар. Кинини онно аан бастаан кулуупка үлэлиир, СӨ култууратын туйгуна Ефросинья Софронова цииркэ эйгэтигэр угуйбута, уһуйбута.

— «Мэнигийээн» диэн оҕо цирковой устуудьуйалаах этибит. Сүүрэ-көтө, мэниктии сылдьар оҕолору тутаттаан ылан, дьарыктыыр этэ. Курунан страховка оҥосто-оҥосто, нүөмэрдэри туруоран, нэһилиэктэринэн гостуруоллуу барарбыт. Жонглердуурга, сальто оҥорорго, акробатикаҕа, үҥкүүгэ, биир тылынан эттэххэ, барытыгар үөрэнэрбит. Бу оҕо устуудьуйатыгар дьарыктанан, Далыртан 6 уол, 1 кыыс цииркэ идэлэрин баһылаабыппыт. 4 уол буолан, билигин  Саха цииркэтигэр үлэлиибит. 2 уолбут Москваҕа бааллар, эмиэ цииркэҕэ үлэлээбиттэрэ. Онон уһуйааччыбытыгар Ефросинья Егоровнаҕа махталбыт муҥура суох.

2001 сыллаахха М.Румянцев-Карандаш аатынан Москватааҕы цииркэ, эстраднай ускуустуба училищетыгар оҕолору талаллар диэни истэн, онно туттарсан киирбиппит. Бастаан джигитовканан дьарыктаммытым эрээри, соччо сөбүлээбэтэҕим. Онтон канаатынан хаамар дьону кытта үлэлээн, үөрэнэн барбытым.

2004 сылтан Саха судаарыстыбаннай цииркэтигэр артыыс быһыытынан үлэлиибин. Билигин канаатынан хаамааччылар алтыабыт — Василий Атласов, Ньургуйаана Черноградская, Альбина Павлова, Каролина Тарасова уонна мин. Салайааччыбыт — Валерий Егасов.

— Бу «МАМОНТенок» цииркэ бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт «На грани реальности и фантастики» перфоманс-шоуга кыттар киһини хайдах талбыттарай?

— Тоҕо эрэ миэхэ эппиттэрэ, эрэммиттэрэ эбитэ дуу. Миэхэ эгэ эрэ буоллаҕа дии, тута сөбүлэспитим. Күн аайы, канаатынан бастайааннай хаама сылдьар киһи буоллаҕым дии. Онон бэйэбэр эрэллээх этим, улахан долгуйуу суоҕа. Хайдах эрэ «кэллим-хаамтым-бардым» диэбит курдук боростуойдук буолуо саныыр этим.

Онтон киэһэ кэлэн, тыһыынчанан киһи мустубутун көрөн, устуоруйаҕа киирэр улахан бэлиэ түгэҥҥэ кыттарбын, ол түмүгэ миигиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдөөн, долгуйбутум. Турукка киирэ, бэлэмнэнэ сырыттахпына, салайааччыбыт Сергей Васильевич кэлэн: «Эдьиий Дуораны кытта көрүстүбүт, кини «долгуйбатын, этэҥҥэ ааһыа, алҕаатым» диэтэ», — диэбитигэр, эрэлим өссө күүһүрбүтэ. Бу кини уруккуттан иитиэхтээбит идиэйэтэ этэ.

Аны сарсыарда күүстээх тыал түспүтэ дии, ол иһин күнүскү эрэпэтииссийэҕэ хаампатаҕым. Сэрэхэчийии баара. Хата, анаабыт курдук, киэһэ тыала намыраан, чуумпуран хаалбыта. Хааман истэххэ, тыала соччо биллибэт этэ. Күн утары тыгарын да өйдөөн көрбөтөҕүм. Уҥуоргу кытылга тиийиэхтээхпин диэн сыал туруорунан, өйдүүн-санаалыын, эттиин-сиинниин бүтүннүү түмүллэн, хаампытым.

— Владимир, ол хааман иһэн, тугу санаабыккыный?

— Уу төһө дириҥэ буолла диэн (күлэр). Охтубатах киһи диэн саныыр буоллаҕым. Бу иннинэ ЫБММ кэлэн, уу дириҥин мээрэйдээн баран, 2,5-3 миэтэрэ дириҥнээх диэбиттэрэ. Канаат сиртэн 4 миэтэрэ, ууттан 6,5 миэтэрэ үөһээнэн тардыллыбыта.

— Оттон цииркэҕэ эрэпэтииссийэ кэмигэр эҥин охтуулар баар буоллахтара дии?

— Охтуулар баар буолаллар. Аренаҕа булгуччу страховкалаах тахсаҕын, оннук ирдэбил баар. Биирдэ ийэм аан бастаан көрө кэлбитигэр, долгуйан, страховкалаах курбун кэтэрбин умнан кэбиспит этим. Онно охто сыһан баран, хата, этэҥҥэ ааспыта. Бүппүтүн кэннэ, биллэн турар, мөҕүллүбүтүм…

— Цииркэҕэ канаатынан хааман иһэн, сальто оҥорор, бэйэ-бэйэҕит үрдүнэн ыстанар этигит дии?

— Оннук, сальто оҥорооччубун. Онтон бу күөл үрдүнэн тардыллыбыт канаат уһуна бэрт буолан (100 миэтэрэ), кытаанахтык тардыллыыта мөлтөх, хамсыы турар,  ыстаннахха, суулларыан сөп. Ол иһин ыстана сатаабатаҕым, оннук ирдээбэтэхтэрэ даҕаны.

— Маннык «трюктары» оҥорорго куруук дьарыктана сылдьыахха наада буолуо…

— Күн аайы, бастайааннай дьарыктанабыт. Аренаҕа күн аайы биир чааһы дьарыктанарга биэрэллэр. Онно үөрэ-көтө кэлэн дьарыктанабыт, сэргэхсийэбит, сороҕор мэниктиибит даҕаны диэххэ сөп. Саҥаттан саҥаны толкуйдуу сатыыбыт. Маны тэҥэ, «Модун» спорткомплекска хапсаҕайынан дьарыктанабын. 2012 сыллаахха СӨ спорт маастарын нуорматын толорбутум.

— Цииркэ артыыһынан үлэлээбитиҥ лоп курдук 20 сыл буолбут эбит. Олоххун бу идэҕэ анаабыккыттан биирдэ да кэмсиммэтэҕиҥ дуо?

— Суох, оннук санаа олох суох. Цииркэ артыыһа — саамай үчүгэй идэ. Үлэбин олус сөбүлүүбүн, күн аайы үөрэ-көтө, олох астына-астына барабын. Син биир спордунан дьарыктанар курдук, туспа умсугутуулаах, арыйыылардаах. Сатыыр уонна сөбүлүүр идэҕинэн дьарыктанар диэн дьол буоллаҕа.

— Эйиэхэ дьиэ кэргэниҥ өйөбүл буолар буоллаҕа?

— Оннук. КэргэнимУус Алдантан төрүттээх, «Сбербааҥҥа» үлэлиир.  2 оҕолоохпут. Уолбут быйыл оскуоланы бүтэрдэ. Кыыспыт 5-с кылааһы бүтэрдэ, үөрэҕэр туйгун.

— Владимир, дьарык быыһыгар быыс булан, кэпсэппиккэр махтал! Үрдүк ситиһиилэри!

«На грани фантастики и реальности» перфоманс Саха сирин Судаарыстыбаннай цииркэтин 30 сылыгар уонна VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга ананна.

+1
18
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: