Салгыы
Владимир Татаринов: “Хоту дойду алҕаһы бырастыы гыммат”

Владимир Татаринов: “Хоту дойду алҕаһы бырастыы гыммат”

Ааптар:
06.03.2023, 11:00
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Эдьигээн улууһугар түөрт бөһүөлэк баар – Баахынай, Бэстээх, Кыстатыам уонна улуус киинэ Эдьигээн. Дьиҥэр, көнө сурааһын тартахха, кэккэлэһэ сытар Бэстээх уонна Баахынай наһаа ырааҕа суох сыталлар – 100 килэмиэтир иһинэн. Кыстатыам ойдом сытар эрээри, арыый чугас – 60-ча килэмиэтир. Ол эрэн, бу хотугу улууска суол ырааҕа килэмиэтиринэн ааҕыллыбат, айан төһө өр буолара сыл кэмиттэн тутулуктаах. Эдьигээн дьоно дойду айылҕатын учуоттаан дьаһаналлар – суол суох кэмигэр эрдэ хаһаанан, буурҕа кэмигэр дьиэттэн тэйбэккэ. Ол эрэн, суһал түгэннэр айылҕаттан тутулуга суох үөскүөхтэрин сөп. Бу туһунан Эдьигээн киин балыыһатын кылаабынай бырааһын эбээһинэһин толорооччу Владимир Гаврильевич Татаринов элбэҕи кэпсиэн сөп.

 
Үйэм-сааһым тухары Эдьигээҥҥэ быраастыыбын

– Бэйэм маннааҕыбын, Эдьигээҥҥэ төрөөбүтүм. Дьонум куоракка көспүттэрэ, онон 10-11 кылаастары Дьокуускайга 33 №дээх оскуо­лаҕа бүтэрбитим. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан мединститут Аччыгый академиятыгар киирбитим, олох эрдэттэн дьону эмтиир идэни талбытым диэххэ сөп. Интернатура, ординатура кэнниттэн тутатына дойдубар төннүбүтүм, хирург быһыытынан үлэлээн барбытым. Бу дойду киһитэ буоларым быһыытынан, туох кыһалҕа бу диэки баарын билэр этим. Нэһилиэктэргэ, ыстаадаҕа суһал көмө оҥоруу дьыл кэмиттэн тутулуктаах – кыһын суол баар, онтон атын кэмҥэ уунан эрэ тиийэр кыахтаахпыт. Холобур, Бэстээххэ ким эрэ ыалдьыбыт буоллаҕына,  онно баар биэлсэр диагноз туруорар, быраастары кытта сүбэлэһэр, суһал эпэрээссийэ оҥоруу ирдэнэр буоллаҕына, санрейс сакаастыыр. Тыын былдьаһар түгэҥҥэ куораттан бөртөлүөт сакаастыыбыт, оттон манна быыһыыр кыах­таах буол­лахпытына, кыһын массыына ыытабыт, эбэтэр “бураа­нынан” бэйэбит айанныыбыт. Буурҕа кэмигэр сөмөлүөт, бөртөлүөт көппөт, оччоҕуна “бураан” эрэ быыһыыр. Ааспыт сэтинньигэ Баахынайга 13 саастаах кыыс муҥур­дааҕынан суһал көмө ирдэммитэ. Сэтинньигэ кыстык  суол өссө ситэ оҥоһулла илик буолааччы, онон сү­­бэлэһэн баран, икки “бураанынан” утары айаннаабыппыт, суол ортотугар көрсөр гына.  50 килэмиэтир холобурдаах сиргэ көрсөн, оҕону балыыһаҕа этэҥҥэ аҕалбыппыт.

Сайын уунан тиксэрэр тырааныспар булабыт. Аны күн-дьыл туруга сабыдыал­лаах – силлиэ кэмигэр айан суоҕун кэриэтэ, көннөрү күүстээх тыал түстэҕинэ эвакуация лаппа уустугурар. Билигин итинник түгэннэргэ ыарыһаҕы быыһыырга анал тырааныспар балыыһаҕа баар буоларын туһугар үлэлэһэ сылдьабыт. Холобур, сытар киһини тиэйэр ититиилээх капсула баар буолар, “бураҥҥа” состоруллар. Икки киһини кытта тиэйиэххэ сөптөөх салааскалары Арассыыйаҕа кытта оҥороллор. Биллэн турар, итинник “сыарҕаны” кыахтаах “буран” эрэ соһуон сөп. Аны сайыҥҥы өттүгэр улахан мотуор­даах оҥочо баара буоллар улахан туһалаах буолуо этэ. Төһөнөн улахан да, оччонон үчүгэй. Бааллаахха улахан устар аал ордук олохтоох. Ити хотугу улуустар барыбыт кыһалҕабыт, хотугу быраастар социальнай ситимнэргэ уопсай кэпсэтиилэригэр ити боппуруос куруутун күөрэйэр. Син кыаллар кыһалҕа, ситиһэр инибит диэн эрэллээхпин.

Барытыгар бэлэмнэнэр ордук

– Арыый тэйиччи айанныыр буоллахпытына, ха­­йаан даҕаны эбии сылаас таҥас, балаак­ка, оттук мас тиэнэн барабыт. Биллэн турар, аргыс­таах айанныахтааххын. Бу олохтоохтор бары тутуһар булгуччулаах дьаһаныылара, ким даҕаны суолга бэлэмнэниитэ суох туруммат. Сорох ардыгар киһи олоҕо бэрт кыра алҕастан, түгэнтэн быстар. Аҕыйах сыллааҕыта биир суоппар көҕүрэттэ тахсан баран мунан хаалбыт. Икки массыынанан айаннаан испиттэр, киһилэрэ көҕүрэттээри суолтан туораан баран төннүбэтэх. Сарсыарда 150 миэтэрэлээх сиртэн булбуттар…

Биирдэ биир соҕотох суоппар иэдээҥҥэ түбэһэн, биһиги балыыһабытыгар тиксэриллибитэ. Айаннаан истэҕинэ ра­­диаторга уута оргуйбут. Ону уутугар аҥаарыйан сыыһа туттубут – сойуппакка эрэ хаппаҕын төлө тарпыт. Оргуйбут уу дэлби тэбэн түөһүн, сирэ­йин саба ыспыт, биэс миэтэрэ кэннин диэки тиэрэ быраҕыллыбыт, кэтэҕинэн муус суолга сааллан дөйөн хаалбыт. Саатар, массыына иһигэр сылаас буолан, эрэһиинэ таапачыкалаах олорбут эбит, онон атах сыгынньах кэриэтэ таһырдьа тахсыбыт. Дьолугар, оннук сытарын ааһан иһэр дьон буланнар балыыһаҕа аҕалбыттар. Көхсө, илиитэ, атаҕа үлүйэн, түөһэ, сирэйэ ууга буһан, төбөтө охторугар эчэйэн ыарахан туруктаах киирбитэ. Ытыстарын, уллуҥнарын быыһыыр кыах номнуо суох этэ…

Өрдөөҕүтэ геологтар “бураа­нынан” тарыҥнаан тахсыбыт ууга түспүттэрэ. Бары хаатыҥка кэтэ сылдьыбыттар эбит, атахтара ибили инчэйбит. Тохтообут сирдэрэ 15 килэ­миэтир эбит, онно сатыы хааман тиийиэхтэригэр диэри атахтара өрүһүллүбэт гына үлүйбүт. Өскөтүн балааккалаахтара эбитэ буоллар, уларыттар атах таҥастаахтара эбитэ буоллар, бу дьон өрүттүө этэ.

Эһэ, бөрө дойдута?

– Эдьигээҥҥэ булт-алт элбэх, дьон үксэ саалаах. Ыстаадаҕа бөрө табаны тардааччы, ол эрэн, бөрө дьоҥҥо саба түспүтэ диэни өйдөөбөппүн. Эһэ моһуоктааччы, ити баар суол. Хомойуох иһин, итинник түгэннэргэ киһи өлүүтүн туоһулуур докумуон толоро эрэ тиийэ сылдьыбытым. Өрүттүү түгэннэрэ эмиэ бааллар. Холобур, биирдэ эчэйбиттэр бэйэлэрэ кэлбиттэрэ. Сааһыары торҕон эһэ утуйа сытар булчуттар балааккаларыгар саба түспүт. Хата саалара чугас буолан, тыатааҕыны ытан суулларбыттар. Илиилэрин быһыта ытыр­талаабыт, дириҥник хайыта тардыбыт этэ. Булчут буолан өрүттүбүттэр, син чугас буолан бэйэлэрэ кэлбиттэрэ.

Адьырҕа саба түһүүтэ эриэк­кэс, булка эчэйии үксүн холуон туттууттан тахсар. Биирдэ бэрт дьикти быһы­лаан буолан турардаах – биир күн иһигэр икки  сааҕа эчэ­йии буол­бута. Ити анды кэмигэр этэ, эр дьон үксэ саа тутур­даах бөһүөлэк таһыгар тахсыбыт кэмнэрэ. Бастаан биир киһи алҕас атахха ытынан киирбитэ. Бииргэ бултуур доҕотторо аҕалбыттара. Ол киһини эпэрээссийэлии турдахпытына, иккис эчэйбити аҕалбыттара, эмиэ саанан дэҥнэнии. Бу сырыыга биир киһи саатын мүччү тутан сиргэ түһэрбит, онто ытан уонча миэтэрэ турар киһи сирэйигэр, баһын уҥуоҕар хас даҕаны бөдөҥ доруобунньук киирбит. Доҕотторо сөпкө туттунан, бааһын баайан өрүһүйбүттэр, санрейс ыҥыран куоракка ыыппыппыт, иккиэн тыыннаах хаалбыттара. Ити курдук буолааччы, кырдьаҕас быраастар этэллэр этэ, “ыарахан ыарыһах киириитэ бэрт чаастатык “ханыылаах” буолааччы” диэн. Биллэн турар, научнай чахчы буолбатах, ол эрэн, өр үлэлээбит дьон кэтээн көрүүлэрэ араас дьикти буолар диэн кэпсииллэр.

Билигин Эдьигээҥҥэ доруо­буйа харыстабыла үрдүк таһымҥа тиийэн турар. 2019 сыллаахха “АЛРОСА” хампаанньа көмөтүнэн О.Г. Захарова аатынан киин балыыһабыт аһыллыбыта. Туох баар аныгы тэрил барыта баар – дефибриллятор, эхоэнцефалограф, рентген, УЗИ, тыынар аппа­раат уо.д.а.  Биллэн турар, санрейс кыһалҕата уустугунан хаалар эрээри, төһө кыалларынан, дьоммутун өрүһүйэ сатыыбыт. Суоппардарбыт уустук суолу билэр уопуттаах уолаттар, быраастар, биэлсэрдэр эмиэ дойдубут майгытын, күнүн-дьылын билэллэр.

Ааптар хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: