“Биир ньыгыл Арассыыйа” Куурускай уобаласка илдьибит гуманитарнай көмөтүгэр баартыйа 60-тан тахса эрэгийиэннээҕи салаалара бииргэ үлэлэстилэр диэн бэлиэтээтэ “Биир ньыгыл Арассыыйа” Генсэбиэтин сэкирэтээрин эбээһинэһин толорооччу. Бу туһунан «Единая Россия в Якутии» телеграм-ханаал иһитиннэрэр.
Куурускай уобаласка буола турар быһыы-майгы Саха сирин олохтоохторун эмиэ долгутар. Гуманитарнай көмөнү хомуйар аахсыйаҕа бииртэн биир тэрилтэ, дьон кыттыһан иһэллэр. Икки күн иһигэр “Сахабэчээт”, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин кэлэктииптэрэ, таджикскай, азербайджанскай, казахскай, корейскай, еврейскэй, бурятскай, белорусскай диаспоралар, дьаамсыктар сыдьааннара бэйэлэрин көмөлөрүн биэрдилэр.
СӨ Тас сибээскэ уонна СӨ норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэтэ балтараа туоннаттан тахса таһаҕаһы аҕалла.
“Саха сирэ туора турбат. Биһиги мэдиссиинискэй тэрилтэлэрбит, урбаанньыттар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр уонна биирдиилээн дьон көмөнү аҕала тураллар. Эмп-томп тэрилтэлэрин көмөтүнэн 1,7 туонна медикамент уонна бастаан утаа туттуллар мал-сал хомуллубута. Бастакы сөмөлүөтү бүгүн ыыттыбыт. Ону кытта Уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабыгар күннэтэ гуманитарнай көмөнү аҕала тураллар, онон билигин онно 1 туоннаттан тахса көмө баар. Көмөнү күн ахсын ылабыт. Саха сирэ бэйэтин дьонун бырахпат!” – диир “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэлиитичэскэй баартыйа эрэгийиэннээҕи исполкомун салайааччыта Сулустан Заболоцкай.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…