Владимир Ю: “Эр киһи анала – дурда-хахха буолуу…”

Share

Биһиги ортобутугар холобур буолар аҕалар үгүстэр. Владимир Ю – “Айыы кыһата” оскуолаҕа завхоһунан үлэлиир, төрөппүт кэмитиэтин, Аҕа түмсүүтүн көхтөөх чилиэнэ, уопсастыбанньык, юрист. Оттон кэргэнэ Надежда Ивановна – алын сүһүөх кылаас учуутала, үс уол оҕолоохтор.

Үгүстэр Ю диэн араспаан­ньаларын дьиктиргииллэр. Владимир эһэтэ Ю Хынь Шень сүүрбэһис сылларга Кэриэйэттэн кэлэн, Сунтаарга олохсуйбут. Саха кэргэннэнэн, Шиндики уонна Сумай диэн икки уол оҕоломмут. Бэйэтин аатын Андрей диэн уларыппыт. Шиндики Андреевич 1930 с. төрүөх, кэргэнэ Мария Григорьевналыын тыыл бэтэрээннэрэ, сэттэ оҕолоохтор. Владимир — кыралара.

Клавдия Максимова-Сайыына уһуйааныгар, кини утумнааччыларын кууруһугар сылдьан баран, өйдүүн-санаалыын сааһыланан, олоҕун тосту уларыппыт эбит. Кинини кытары аныгы үйэҕэ оҕону иитии олуктарын, кистэлэҥнэрин туһунан кэпсэттибит.

Дьоллоох киһини иитии

— Оҕону иитиигэ сүрүн болҕомтону туохха уураҕытый?

— Сүрүнэ, оҕо куттала суох улаатыахтаах. Ол туһуттан арыгыны букатын испэппит. Итирик киһиттэн оҕо олус куттанар, уйулҕатыгар оҕустарар. Иккиһинэн, оҕоҕо олус элбэх хааччахтааһын баара куһаҕан. Ол кини сайдар аартыктарын сарбыйар. Биллэн турар, хааччаҕа суох эмиэ сатаммаккын. Холобур, оҕолорбутугар аныгы төлөпүөннэри ыла сатаабаппыт. Улахан уол 12 сааһын туолбутугар эрэ ылан биэрбиппит. Оҕо саастыылаахтарын көрөн, ыллаттарыан баҕарар. Онуоха холкутук кэпсэтэн, бы­­һааран, өйдөтөн биэрэҕин. Оннук быһаарбатахха, бэйэтин итэҕэс­тээх курдук сананыан сөп.

Аныгы төрөппүт иннигэр билигин кэм ирдэбилэ, сүҥкэн сорук турар – ол оҕо смартфону, интэриниэти сөпкө туһанарыгар үөрэтии. Олох бобон кэбиһэр эмиэ сыыһа, сайдыы хаамыытыттан хаалсыбакка, олох үөһүгэр сылдьыахтаах буоллаҕа. Онон итини өйдөтөн, кэпсэтэн эрэ кыайаҕын.

Үсүһүнэн, оҕону ситиһиилээх буолбакка, дьоллоох буоларга үөрэтиэххэ наада. Төрөппүт бэйэтэ дьоллоох буолбатаҕына, туохха үөрэтиэй? Онон оҕону ­иитиэх­ иннинэ, бэйэҕин иитиэхтээххин. Төрөппүт бэйэтин ииттибэт, са­­йыннарбат буоллаҕына, кини оҕолорун иитэрэ улахан көдьүүһэ суох. Оҕо эйигин көрөн, холобур оҥостон улаатар. Бэйэҥ успуордунан дьарыктаммат эрээри, оҕоҕун хайдах да көҕүлээбэккин. Биллэн турар, соло суох. Ол эрээри, оннук куотуннахха, бириэмэҕин куоттараҕын. Оҕоҥ бу сибилиҥҥи олоҕо, баҕата эйигин таарыйбакка ааһан, туолбакка хаалыа. Онон оҕоҕун кытары тэҥҥэ, кылгас кэм иһигэр үөрэнэргэ, сайдарга тии­йэҕин.

Норуоту Ийэ иитэр

— Кыыс оҕом суох да буоллар, кыыһы иитии ордук уустук дии саныыбын. Аҕа кыыһыгар идеал, холобур буолар. Ситинник, иитии түмүгэр, оҕо ис өйүгэр (подсознание) бэйэбит араас бырагыраамалары угабыт. Хайдах бырагыраамалар үлэлииллэринэн, олоҕо эмиэ оннук салаллар.

Оҕо дууһата аһаҕас, ып-­ыраас, тугу биэрэргин барытын ылынан иһэр. Урут “кыыс оҕо – омук анала” диэн этиини көнөтүнэн өйдүүр этим. Кэргэн тахсан, атын омуктарга барар диэн. Кэлин санаатахпына, бэ­­йэтин омугун анала диэн эбит. Бу олус дириҥ ис хоһоонноох этии. Кыыс ийэ буолан, оҕолорун иитэр аналлаах. Дьиэ иһигэр оҕолору үксүгэр ийэ иитэр, дьиэ кэргэҥҥэ сылаас эйгэни олохтуур. Аҕалара булааччы-талааччы, дурда-хахха буолар. Ол иһин норуоту Ийэ иитэн таһаарар.

Кыыһы, бастатан туран, үчүгэй кэргэн, ийэ буоларга, сатаан дьоллонорго үөрэтиэххэ, маанылаан, атаахтатан иитиэххэ наада. Ол онтон норуот инникитэ тутулуктаах эбит. Кыыс үчүгэй сыаналары ыларга, үрдүк хамнастаах үлэлээх буоларга дьулуһара, кэргэнин кытары тэҥҥэ күрэстэһэрэ, баһыйара, оҕолорун иитэригэр бириэмэтэ тиийбэтэ – бу сөптөөх иитии түмүгэ дуо?

Оттон уол оҕону иитии судургу. Уол сүрдээх боростуой, ­иитиини ылынар. Кылаабынайа, аҕа бэйэтин холобурунан ­иитиэхтээх. Булка, балыкка илдьэ сылдьан, үлэҕэ үөрэтэн, успуордунан дьарыктаан.

Биһиги “Айыы кыһата” оскуолабытыгар Аҕа түмсүүтэ көхтөөхтүк үлэлиир. Сүрүн болҕомтону уолу иитиигэ уурабыт. Тоҕо диэтэххэ, куоракка олорор уол оҕо үлэттэн, дьиҥ эр киһи дьарыгыттан тэйэр, кыыһа-уола өйдөммөт буолан барар. Эр киһи эт-хаан өттүнэн мөлтөөтөҕүнэ, өй-санаа, духуобунас өттүнэн эмиэ мөлтүүр. Тыа сиригэр олорор оҕо барытын сатыыр. Айылҕаҕа сылдьан, ыраастанан, күүс иҥэринэн, үлэлээн иитиллэн бөҕөргөөбүт эрэ уол дьиҥ эр киһи буолар.

Эр киһи анала – дурда-хахха буолуу, дьиэ кэргэнин, дойдутун көмүскээһин. Оттон куоракка барыта бэлэм, эр киһи туһата суох курдук буолан барар – хаар күрдьүбэт, мас-муус таспат, оттообот, бултаабат… Онон бэ­­йэтин айылҕатын, аналын сүтэрэн киирэн барар. Оннук сүтэрбит киһи арыгыга охтуон сөп. Ол иһин уолаттарбытын муҥхаҕа, куйуурга сырытыннарабыт, сайыҥҥы лааҕырдарга оттуурга, уһанарга үөрэтэбит, хас да көһү сатыы хаамтарабыт.

Уол оҕо буһан-хатан, мускуллан, “сатаабаппын” диэн мөлтөх санаатын кыайан, тулуурга-дьулуурга үөрэнэн, эр киһи буолар. Онон, дьиҥэ, кыыһы-уолу арааран үөрэтии оруннаах быһыылаах.

Олоххо ситиһии кистэлэҥэ – дьоллоох дьиэ кэргэн

— Дьиэ кэргэн систиэмэтэ биһиги өбүгэлэрбитигэр үгүс үйэлэргэ олохтоммута ээ. Дьиэҕэ үс көлүөнэ баар буолуохтаах диэн. Ийэ-аҕа иитиитин сэргэ, эһэ-эбэ такайыыта туохха да кэмнэммэт. Киһи үксүгэр үлэ, түбүк быыһыгар оҕону иитиигэ сүрүн болҕомтотун уурбакка хаалар. Кырдьан баран өйдөнөр, сыыһатын көннөрөн, оҕолоругар ситэ биэрбэтэх болҕомтотун, тапталын сиэннэригэр тиэрдэ сатыыр. Онон бу үс көлүөнэ ситимэ бэйэ-бэйэтин ситэрсэн эрэ биэрэр.

Толору дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүнэ, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннара, биир сыаллаах-соруктаах, тапталынан олорор буолуохтаахтар. Дьахтар дьолунан сыдьаайа сылдьар, бу олоҕуттан астынар-дуоһуйар, тугу баҕарара барыта баар буоллаҕына, дьиэ кэргэн эмиэ толору дьол­лоох, ситиһиилээх буолар, үөрүүнэн, тапталынан туолар. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ иһинээҕи эйгэни ийэ тэри­йэр, киниттэн оҕолор инникилэрэ, ситиһиилээх, дьоллоох буолаллара тутулуктаах. Оттон дьахтар дьоллоох буоларын кэргэнэ хааччыйар.

Сахалар олохторо урут сиэринэн-туомунан салаллара. Итэҕэллээх, сиэрдээх, тапталлаах эрэ киһи дьиэ кэргэнин дьоллоох оҥоруон сөп. Тапталы, бэйэ-бэ­­йэни биир тыла суох өйдөһүүнү, сырдык эниэргийэнэн толорсууну ханнык да харчы солбуйбат. Бу суох буоллаҕына, олигарх кэргэнэ да толору дьоллоох буолара саарбах. Маннык кистэлэҥ күүстээх, таптал эниэргийэлээх киһиэхэ барыта сатанар, табыллар, олоҕор ситиһиилээх буолар, аналын таба тайанар, толорор. Ол иһин да дьахтар уонна эр киһи ыал буолан, бу ситимнэрин бөҕөргөтөр буоллахтара. Сырдык эниэрги­йэлэрин салгыы оҕолоругар биэ­рэллэр.

Тэбис-тэҥҥэ, батыһыннара сылдьан…

— Эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр туох үгэстэрдээххитий?

— Саҥа дьылы ойуурга баран, хас да ыал буолан, уратытык ылааччыбыт. Аҕалар эрдэ баран, ойуурга баар хонууну гирлянданан, чүмэчинэн киэргэтэллэр, харыйаҕа бэлэхтэри ыйыыллар. Онтон 12 чаас чугаһаатаҕына, бары барабыт. Үөрэн чаҕылыспыт харахтарын көрөн, киһи өссө тугу эрэ үчүгэйи оҥоруон баҕарар…

Оҕолор төрөөбүт күннэрэ ха­­йаан да туох эрэ тиэмэлээх буолар. Холобур, пираттар, супергеройдар, о.д.а. Ыалдьыттара эмиэ оннук таҥнан кэлэллэр. Айылҕаҕа элбэхтик сылдьа сатыыбыт – сөтүөлүү, сир астыы, ньургуһуну көрсө, өрүс устарын көрө, сайыны атаара…

5-6 саастарыттан муҥхаҕа, куйуурга, булка илдьэ сылдьабын. Сайыҥҥы лааҕырга сылдьан, от охсорго, быһах оҥорорго үөрэ­нэллэр. Үлэнэн иитэбит. Билигин улаатан, ийэлэригэр дьиэ үлэтигэр көмөлөһөллөр. Кэлин кы­­раапык олохтоотубут. Уолаттары ас астыырга, ааҕарга үөрэтэбит. Үөрэтии кэннэ, түмүк баар буо­луохтаах, ону ирдиибит.

Оҕону мөхпөккө гына сатыыбыт, ол оннугар бииргэ олорон кэпсэтэн, өйдөтөн быһаарсабыт. Оччоҕо оҕо өһөспөт. Сылдьарбыт тухары: “тоҕо маннык буолла?” диэн кэпсэтэбит. Киинэҕэ сылдьан баран: “эн тугу өйдөөтүҥ?”, “тоҕо итинник гынна?” диэн ырытабыт. Оскуолаҕа санааларын этэ үөрэммит буоланнар, кэпсэтэргэ чэпчэки. Кэмпириэнсийэлэргэ кыттан, бырайыак оҥорон, түмүккэ тиэрдэллэригэр, санааларын этэ үөрэнэллэригэр кыһаллабыт.

Дьоллоох оҕо сааһы, олоххо бэлэми, үөрүйэҕи, билиини төрөппүт эрэ биэрэр. Оскуолаҕа, судаарыстыбаҕа сэлээннээбэккэ, оҕо туспа аналлаах, атын суол­лаах Киһи буоларын өйдөөн туран, хардатын тугу да эрэйбэккэ, иэс баайбакка эрэ… Төрөппүт ытык иэһэ — ол.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Кыргызстан бэрэсидьиэнин кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…

2 часа ago
  • Сонуннар

Ил Дархан Бишкеккэ Сергей Вакуновы кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка  Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөх туһунан…

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Кэпсээннэр
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Тургутук

Тускул: «Өтөрүнэн кыһын кэлиэ суох курдук…»

Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: «Посадочнай толуону» сүтэрбит буоллаххына…

Ыйытыы:  Үлэбэр бырайыаспын туһаммыппын отчуоттуурум ирдэнэр.  Ол эрээри "посадочнай толуоммун" сүтэрэн кэбистим. Хайдах гыныахха сөбүй?…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 1 күнүттэн Арассыыйаҕа туох уларыйыы киириэҕэй?

Ахсынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар ахсааннара элбиэҕэ, 80 сааһын туолбут дьоҥҥо биэнсийэ үрдүөҕэ, байыаннай дьайыы…

4 часа ago