Владимир Путин: “Быыбар киин хамыыһыйата үлэтин саҥардан иһэр”

Share

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 15 күнүгэр быыбар киин хамыыһыйата тэриллибитэ 30 сылынан эрэгийиэннэр быыбардарын хамыыһыйатын салайааччыларын кытары көрүстэ.

Владимир Путин көрсүһүүгэ дойду үрдүнэн быыбар хамыыһыйатын бары таһымыгар 900 тыһ. тахса киһи үлэлиирин, кинилэри таһынан хас быыбар ахсын тыһыынчаттан тахса быыбары кэтээн көрөөччү тахсарын, Арассыыйаҕа быыбар хаамыытын хонтуруоллуурга видеону туһаныы ханнык да дойдутааҕар киэҥник тарҕаммытын бэлиэтээн эттэ.

— Быыбар хаамыытын видеонан быһа эпииринэн кэтээн көрүү маассабайдык биһиги эрэ дойдубутугар киллэриллэн турар. Билигин быыбардыыр учаастактарга барыларыгар кэриэтэ туһаныллар. Бу гражданскай уонна уопсастыбаннай хонтуруол күүһүрбүтүн бэлиэтэ, — диэн этэр кини.

Бэрэсидьиэн отут сыл устата быыбар систиэмэтигэр сокуоннар, бырааптар, нуормалар олохтонуллубуттарын, ону сэргэ кэлиҥҥи сылларга быыбар информацияны биэрии өттүнэн быдан аһаҕас буолбутун бэлиэтиир.

— Арассыыйа быыбарын хамыыһыйата сылтан сыл үлэтин тупсаран иһэрин ойуччу тутан бэлиэтиэм этэ. Билигин информацияны биэрии, нэһилиэнньэҕэ тиэрдии быдан түргэн уонна аһаҕас буолла. Судаарыстыбаннай өҥөнү биэрии порталыгар уонна Быыбар киин хамыыһыйатын саайтыгар сүүрбэттэн тахса сервистар бааллар. Бу өҥөлөр куоластааһыны быдан судургутутан биэрэллэр. Билигин аны электроннай куоластааһын диэн киирдэ. Мин билэрбинэн бу өҥөнөн номнуо отуттан тахса эрэгийиэн туһанар, — диэн иһитиннэрэр.

Түмүккэ Владимир Путин Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит эрэгийиэннэргэ – Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожье, Херсон уобаластарыгар – хамыыһыйа биир ситимнээх үлэни ыыппытын бэлиэтээтэ. Санатан эттэххэ, быйыл балаҕан ыйыгар бу эрэгийиэннэр олохтоохторо бэйэлэрин аҕа баһылыктарын талбыттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Түүл туһунан чахчылар

Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Үлүйбэт туһугар…

Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны билгэлииллэр

Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Быйыл «Почему мамонты вымерли» саҥа киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыа

Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир  артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээннээҕи квартальнай хочуолунай биир хочуолун үлэлэттилэр

Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…

14 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киин куоракка уот ситимэ быстыбытын оҥордулар

Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …

15 часов ago