Владимир Путин Евразиятааҕы экэниэмикэ форумугар кытынна
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыам ыйын 24 күнүгэр Евразиятааҕы экэниэмикэ форумун пленарнай мунньаҕар кытынна. Бэрэсидьиэн Сойуус дойдулара сылтан сыл табаары эргиниилэрин хаҥатан иһэллэрин бэлиэтээтэ.
Владимир Путин иһитиннэрбитинэн, билигин аан дойду үрдүнэн барытынан судаарыстыбалар бэйэлэрин суверенитеттарын бөҕөргөтөр, экэниэмикэлэригэр уларытыылары киллэрэр кэмнэрэ кэллэ.
— Билигин аан дойду аренатыгар үгүс дойду бэйэтин национальнай суверенитетын үрдүктүк тутар буолла. Хас биирдии дойду кимтэн да тутулуга суох бэйэтин хайысхатын тутуһан сайдар, үүнэр суолга үктэннэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэни сайыннарыыга судаарыстыбалар бэйэлэрин интэриэстэрин көмүскүүр, бэйэ-бэйэҕэ туһалаах сыһыаны олохтуур саҥа суолу көрдүүллэр, — диэн этэр кини.
Бэрэсидьиэн бэлиэтииринэн, Евразиятааҕы экэниэмикэ сойууһун дойдуларын икки ардыгар табаары эргинии сылтан сыл элбээн иһэр.
— Холобур, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн табаары эргинии 14 бырыһыан үрдээн, 83,3 млрд дуолларга тэҥнэспит. Ити судаарыстыбалар икки ардыларыгар барар үлэ көдьүүстээҕин көрдөрөр дии саныыбын. Манна даҕатан эттэхпинэ, “булгунньах” кэннигэр баар дойдулар төһө да биһиги экэниэмикэбит таҥнары курулуоҕа диэн эрдэттэн сыана быспыттарын үрдүнэн, оннук буолбата. Кырдьык, аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит кириисис хас биирдии дойдуну таарыйда. Ол да буоллар Сойуус иһигэр валовай бородуукта 1,6 бырыһыанынан эрэ түстэ. Оттон биһиги дойдубутугар валовай бородуукта 1,5 бырыһыанынан үрдүүр чинчилээх. Бу сыыппаралар элбэҕи этэллэр, — диэн бэлиэтиир Владимир Владимирович.
Дойду салайааччыта Европаҕа тахсыбыт энэргиэтикэ кириисиһин туһунан эмиэ ахтан ааста.
— Бу манна ким буруйдааҕый? Ким “Северный поток” гаас ситимин эстэрбитэй? Ким гаас ситимин иккис уочаратын тохтоппутай? Польшанан ааһар “Ямал-Европа” ситимин ким саппытай? Биһиги дуо? Украинанан ааһар биир ситиммитин эмиэ сабан тураллар. Билигин биир ситим үлэлии турар. Европаҕа онон гаас барар. Хата, мантан Украина, төһө да биһигини биир тылынан агрессор диэн саҥара олордор, каассатыгар транзит иһин харчы ыла олорор. Биһиги, туох да буолбутун иһин, бэйэбит өттүбүтүттэн эбэһээтилистибэлэри барытын толоро олоробут, — диэн этэр кини.
Владимир Путин манна сыһыаран билигин Ираны, Азербайджаны кытары үлэ баран, “Решт-Астара” хайысхатынан тимир суолу тутууга дуогабар түһэрсиллибитин иһитиннэрдэ. Бу суол Арассыыйа пуортарын Персия хомотун, Индия акыйаанын кытары ситимниэхтээх. Тутуу быйылгыттан саҕаланыахтаах.
Маны таһынан бэрэсидьиэн дойдулар икки ардыларыгар национальнай харчынан төлөһүү кэҥээн иһэрин бэлиэтээн эттэ. “Арассыыйа манна эрдэттэн бэлэмнэммитин уонна билигин саҥа ирдэбиллэргэ сөп түбэһэн үлэлии олорорун таһынан, бу хайысханан тас дойдулары кытары үлэлэһиигэ бастакы күөҥҥэ иһэр”, — диэн этэр кини.
Санатан эттэххэ, билигин Кытай, Индия, Латинскай Америка тас дойдулары кытары национальнай валютанан төлөһө олороллор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: