Владислав Иванов: «Дьааҥылар кыайыыны чугаһатарга күүс-көмө буолаллар»

Share

Төһө да тус хоту ыраах олордоллор, Дьааҥы улууһун дьоно-сэргэтэ, салалтата, уопсастыбаннай түмсүүлэрэ байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү, көмөнү оҥоро олороллор. Туох-ханнык көмө оҥоһулла турарын туһунан Дьааҥы улууһун баһылыга Владислав Михайлович Ивановы кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.

— Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өттүнэн өйөбүлү, көмөнү оҥорор сыалтан улуус дьаһалтата тус аадырыстаах көмөнү оҥоруу туһунан балаһыанньаны  былырыын алтынньы 3 күнүгэр ылыммыта. Бу балаһыанньаҕа олоҕуран Дьааҥы улууһуттан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр суох буолбуттар (Украинаҕа, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр байыаннай эбээһинэстэрин толоро сылдьан суох буолбуттар, сураҕа суох сүппүттэр) дьиэ кэргэттэригэр тус аадырыстаах, биир кэмнээх матырыйаалынай көмө оҥоһуллар. Ол курдук, быстах ыҥырыынан сулууспалыы сылдьааччыларга – 100 000 солк. тиийэ; Дьааҥыттан төрүттээх Украинаҕа, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар — 100 000 солк. тиийэ; Дьааҥыттан төрүттээх Украинаҕа, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыыр эбээһинэстэрин толоро сылдьан доруобуйаларыгар эчэйиини (бааһырыыны, контузияны, эчэйиини) ылбыттарга 500 000 солк; байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр суох буолбут Дьааҥы улууһуттан төрүттээх дьон (Украинаҕа, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр байыаннай эбээһинэстэрин толоро сылдьан суох буолбуттар, сураҕа суох сүппүттэр) дьиэ кэргэттэригэр 1 000 000 солкуобай көмө көрүллэр.
Биһиги улуустан барыта 48 киһи байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Саллааттарбытыгар таҥас-сап, экипировка ылыналларыгар анаан Дьааҥы улуһууттан уопсайа 450 000 солкуобайдаах харчы хомуллан тиксэриллибитэ. Байыаннай эпэрээссийэ 86 кыттыылааҕар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл бэрээдэгинэн барыта 11 021 217 солк. көмө оҥоһулунна. Бааһырыыны, эчэйиини ылбыт 5 байыаннай сулууспалаахха эчэйиитин туругуттан көрөн барыта 2 000 000 солк. көмө бэрилиннэ. Байыаннай эбээһинэһин толоро сылдьан суох буолбут саллаат дьиэ кэргэнигэр 1 000 000 солк. социальнай өйөбүл оҥоһулунна. Маны сэргэ Дьааҥы улууһуттан 3 волонтер-миэдиккэ, 2 ийэ сайаапкатынан эмтэниигэ айан төлөбүрүгэр харчынан көмө оҥоһуллубута. Бу кэмнэргэ Дьааҥыттан төрүттээх байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыттан ол иһигэр Дьокуускайга уонна атын улууска олорон байыаннай сулууспаҕа барбыттартан, биир кэмнээх матырыйаалынай көмөҕө сайабылыанньалар киирэллэр.
Улуус дьаһалтатын 11.10.2022 с. 1121-РА №-дээх дьаһалынан Украинаҕа, Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэттэрин уонна чугас аймахтарын социальнай өттүнэн өйүүр Сулууспа састааба бигэргэтилиннэ. Улууска байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ туох көмөҕө наадыйалларын учуоттуур анал бааза оҥоһулунна. Итиэннэ тэрилтэлэр салайааччыларыттан кинилэргэ куратордары анааһын үлэтэ бара турар. Саллааттар чугас дьоннорун кытта сибээстэһэргэ телеграмм-бөлөх тэрилиннэ. Улуус тэрилтэлэрин салайааччылара саллааттар оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарыыга анаан ахсынньыга Баатагай бөһүөлэгэр тэриллибит «Үтүө санаа Дьуолката» аһымал аахсыйаҕа кыттыбыттара. Дьокуускайга аһымал кэнсиэри ыытыттан киирбит үп байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар тиксэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылын түмүктүүр тэрээһининэн Дьааҥы улууһун байыаҥкамаатыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллан барбыт саллааттар ийэлэрин кытта көрсүһүү, ааспыт күһүн уонна бу тохсунньуга эргиллэн кэлбит саллааттарбытын кытта истиҥ көрсүһүүлэр ыытыллыбыттара. «ОтМамЯкутииСлюбовью” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан, улууспут ийэлэрэ тикпит ичигэс таҥастарын барыта 133 кг Дьокуускайга гуманитарнай көмөнү тутар пууҥҥа саллааттарга тиксэрэргэ анаан ыыппппыт.
Улуус нэһилиэктэригэр #МЫВМЕСТЕ волонтердар ыстааптара үлэлиир. Кинилэр саллааттар дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар мас, муус бэлэмнээһинигэр, хаһаайыстыба онтон да атын үлэлэригэр көмөлөһөллөр. Норуодунай Фронт «Все для Победы!» бырайыагын өйөөн, улуус бары тэрилтэлэрин салайааччыларын ааттарыгар туһаайыллыбыт улуус дьаһала тахсыбыта. Ол быһыытынан хас биирдии үлэһити кытта сөбүлэһиннэриллибит биир күннээх хамнас кээмэйинэн харчынан көмөнү улуус саллааттары өйөөһүҥҥэ тэрийбит счетугар ыытыахха сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

16 минут ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

1 час ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

14 часов ago