Владислав Скрябин: «Нолуокка чэпчэтии көрүллэр киһитин ахсаана элбээн иһэр»

Share

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Федеральнай  нолуок сулууспатын СӨ управлениетын салайааччытын солбуйааччы Владислав Скрябин пресс-кэмпириэнсийэ ыытта. Биллэн турар, сүрүн кэпсэтии 2024 сылга нолуогу төлөөһүн тула буолла.

Бу дьыл балаҕан ыйыттан өрөспүүбүлүкэҕэ физическэй сирэйдэр баайга-дуолга нолуоктарын төлөөһүн  хампаанньата саҕаламмыта.

— Өрөспүүбүлүкэҕэ 342 тыһ. нолуок иһитиннэриитэ тарҕаммыта. 227 тыһ. иһитиннэрии туһанааччыларга тус кэбиниэттэригэр тиийбитэ. Почта биэрбит чахчытынан, сэтинньи 1 күнүгэр нолуок туһунан биллэрии аҥаара аадырыстаммыт киһитигэр туттарылынна. Саха сирин үрдүнэн 2023 сылга физическэй сирэйдэр баайга-дуолга нолуоктарын суумата 1,4 млрд солк. тэҥнэһэр. Манна даҕатан эттэххэ, сыл ахсын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нолуокка чэпчэтии көрүллэр киһитин ахсаана элбээн иһэр. Ол курдук, 36 тыһ. граждаҥҥа тырааныспар нолуогар чэпчэтии көрүлүннэ. Ону тэҥэ сир нолуогар – 134 тыһ. киһиэхэ уонна баай-дуол нолуогар  187 тыһ. граждаҥҥа. Бу үс нолуогунан чэпчэтии кээмэйэ 719 мөл. солк. тэҥнэстэ, — диэтэ Владислав Спиридонович.

Салайааччыны солбуйааччы байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбыттар, баҕа өттүлэринэн барбыттар уонна хантараактаспыттар баайдарын нолуогар туох чэпчэтии көрүллэригэр эмиэ тохтоото. Ол курдук, бу чэпчэтиилэр кинилэр дьиэ кэргэттэригэр эмиэ олохтонорун санатта.  Чуолаан, РФ Нолуокка Кодексын ыстатыйатыгар олоҕуран, нолуоктан босхолонуу кэрискэтэ кэҥээбитин аҕынна. Өрөспүүбүлүкэ сокуонунан тырааныспар нолуогар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар 2022 уонна 2023 сылларга тырааныспар нолуогун төлөбүрүттэн толору босхоломмуттарын салгыы бэлиэтээтэ.

Владислав  Скрябин салгыы уурунууга НДФЛ боппуруоһун таарыйда. Кини этэринэн, бу нолуок өссө 2021 сыллаахха  киллэриллибит. Ол эрээри дьону өйөөн, быстах кэмҥэ мораторий биллэрбиттэр. Онон бааҥҥа уурунууга бырыһыан дохуотугар 2021 уонна 2022 сылларга НДФЛ ааҕыллыбатах. Оттон 2023 сылга ылыллыбыт дохуокка бүгүҥҥү туругунан нолуоктанар. Дьон маныаха бэйэлэрэ төһөнү төлүүллэрин ааҕаллара ирдэммэт, нолуок уорганнара туһааннаах иһитиннэриини бааннартан ылаллар.

Салгыы кини нолуокка иэс боппуруоһугар тохтоото. Сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан 151 тыһ. тахса киһи иэстээҕэ биллибит. Бу уопсай суумата 328 мөл тахса солк. Улахан иэстээхтэр ахсааннарыгар Дьокуускай, Нерюнгри олохтоохторун тэҥэ  Ленскэй, Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас уо.д.а. улуустар бааллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Оптуобустар эбиллиэхтэрин оннугар маршруттара уустугурда

Дьокуускай куорат ДСК оройуонун олохтоохторо оптуобус маршруттара уларыйбытыттан айманаллар. Айманаллара да оруннаах.  Олохсуйбут маршруттар кыстыгы…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түһээн төлөбүрэ чугаһаан, түөкүттэр ону бултаһан эрэллэр

Билигин кыбартыыраҕа, массыынаҕа, сир учаастагар түһээн төлөбүрэ кэлбитинэн, түөкүттэр саҥа схеманы толкуйдаабыттар. “Госуслугаҕа” тус кэбиниэккэр…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Амма бурдуга» бородууксуйа бастыҥынан ааттанна

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, “Саха сирин 100 бастыҥ табаара” куонкурус кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Бу тэрээһин олохтоох…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй “Надеждалара”

Таҥас кэллэ да ким иллэҥнээҕинэн муста түһээт, тикпитинэн бараллар. [gallery ids="167582,167583,167584,167585,167586,167587,167588,167590,167591"] Байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарга…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тоҥнуу кыһан сииргэ ханнык балык ордугуй?

ТХНЧИ научнай үлэһитэ, биология наукатын кандидата Терентий Платонов: “Убаһа этигэр киһиэхэ сыстар паразит суох буоллаҕына,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Алампа аатынан бириэмийэ кыайыылаахтара ааттаннылар

Анемодист Софронов-Алампа төрөөбүт күнүгэр  "Алампа'' бириэмийэни туттарыы сиэрэ-туома алтыс төгүлүн ыытылынна. Дьоро киэһэ Саха тыйаатырын…

9 часов ago