Владислав Стручков: «Тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто ууруллубута үчүгэй»
16.02.2024, 11:25
Н.Дьяконова фотота
Бөлөххө киир:
Аллайыаха улууһун нэһилиэгэр, Бөрөлөөххө, ситэриилээх былаас отчуота буолла.
Дьон-сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэни истээри, күннээҕи кыһалҕаларын таарыйар ыйытыыларын биэрээри, онно хоруйдары ылаары муһуннулар. Мунньахха дьон тугу сэргээбитий?
Бөрөлөөх олохтооҕо, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Владислав Стручков санаатын маннык үллэһиннэ:
-Биһиги ыраах сытар нэһилиэкпитигэр Дьокуускайтан кэлэн отчуоттаан, кэпсээн барбыттара үчүгэй. Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх үлэ барбыт эбит.
Биһиги олохпут син-биир тыа хаһаайыстыбатын кытта ситимнээх. Онон бу салааҕа болҕомто ууруллубутун сэргии иһиттим. Сахалар төрүт дьарыкпыт сайда туруохтаах буоллаҕа. Онон мунньахтан сэргэхсийэн олоробун.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: