Владивостокка сынньанар хайдаҕый?

Share

Кэнники кэмҥэ сахалар Владивостокка элбэхтик сылдьар, сынньанар буоллулар. Чахчы да, бу биһигиттэн саамай чугас муоралаах, сылаас килиимэттээх, ураты дойду буолар. Дьэ, Владивостокка айан, сынньалаҥ хайдах эбитий?

Ангелина Васильева хаартыската
Айан аартыга
Владивостокка диэри салгынынан быһа көттөххө – 2105 килэмиэтир тэйиччи, суолунан бардахха – 3 тыһыынчаттан тахса килэмиэтири айанныыгын. Онон үс суол баар – сөмөлүөтүнэн, пуойаһынан уонна массыынанан.

Сөмөлүөттэр күн аайы кэриэтэ көтөллөр. Онон би­лиэт син баар буолар. Арай, от ыйыгар, атырдьах ыйыгар эрдэттэн ылан кэбиһэр ордук, оччоҕо чэпчэки. Багааһа суох билиэт сыаната – 15 тыһыынча солкуо­байтан саҕаланар. Ол эрээри, субсидиялаах билиэккэ түбэс­тэххэ – 8 тыһыынча солкуобайга да көтүөххэ сөп. 3 чаас 20 мүнүүтэнэн Владивостокка тиийэн хаалаҕын. Ону тэҥэ, Иркутскайынан эргийэр ­эриэйстэр бааллар – оччоҕо биир суукка кэриҥэ айанныыгын.

Пуойаска билиэттэри 45 күн иннинэ атыылыыллар. Онон сайын, сынньалаҥ үгэнигэр билиэт бүтэн хаалар эбит. Билиэт сыаната: купеҕа – 10-11 тыһыынча солкуобай, плацкартка – 6 тыһыынча солкуобай кэриҥэ. Плацкартка сытар ороннордоох эрээри, аһаҕас, купе курдук сабыллар аана суох. Утуйар таҥаһы биэрэллэр, итии уу босхо. Эрэстэрээн-богуон баар, ол эрээри онно биир киһи 500-700 солкуобайга аһаан тахсар. Айан уһуна – 2,5 суукка. Өрүс пуордуттан Аллараа Бэстээххэ тимир суол баксаалыгар диэри тиэрдэн биэрэллэр, сыаната – 600 солкуобай.

Дьокуускайтан элбэх таксыы сылдьар. Үксүн “Хайстар”, минивеннэр айанныыллар. Суол үчүгэй буолан, кафеларга, сапыраапкаларга эрэ тохтууллар, суоппардар солбуһа-солбуһа тохтообокко 2 суукка устата айанныыллар. Сыаната – 10 тыһыынча солкуобай.

Саха сириттэн үксүгэр дьиэ кэргэнинэн, бэйэлэрин массыыналарынан айанныыр буол­лулар.

600 тыһыынча киһи олорор

Владивосток – кэнники кэмҥэ тэтимнээхтик сайдан иһэр куорат. Дойду илиҥҥи өттүгэр култуурунай, экэнэмиичэскэй, научнай-үөрэтэр киин буолар. Японскай муора кытылыгар турар. Тимир суол Транссибирскай магистрала тиийэн бүтэр. Улахан муора пуорда, Тиихэй Акыйааннааҕы флот баазата бааллар. Ону тэҥэ, Уһук Илиннээҕи федеральнай университет, Мариинскай ты­­йаатыр салаата, улахан океанариум, о.д.а. үлэлииллэр.

1860 сыллаахха байыаннай пост быһыытынан тэриллэн баран, 1880 сыллаахха куорат буолбута. 1938 сылтан Приморскай кыраай киинэ. Нэһилиэнньэтэ – 600 тыһыынча кэриҥэ киһи.

Кэнники кэмҥэ туризм күүскэ сайдан иһэрэ көстөр. Уһук Илин, Сибиир эрэгийиэн­нэриттэн олус элбэх киһи сайын муораҕа сынньана тии­йэр буолбут. Ол эрээри, олус элбэх турист кэлэригэр куорат ситэ бэлэмэ суох курдук.

Хаартыскалар: Ангелина Васильева түһэриитэ
Ангелина Васильева хаартыската
Салгына сииктээх

Аан бастаан тиийээккин кытта, сииктээх салгына сөхтөрөр. Муора тула­лаан турар буолан, салгынын сиигэ сүрдээх. Күн-дьыл туруга эмиэ муораттан тутулук­таах, күннээх, ыраас күн сэдэх. Түүн, сарсыарда үксүгэр туох да көстүбэт хойуу тумана түһэр, бу туман ибиирэ турар саппарах ардах курдук буолар. Онон киһи таҥаһа тута сиигирэр, инчэ­йэр.

Сииктээх салгыҥҥа баттаҕыҥ бэйэтэ эриллэн хаалар, сирэй тириитигэр ки­­риэм да наадата суох курдук буолар. Сууйуллубут таҥас хас да күнү быһа кууран быстыбат, ол иһин олохтоохтор салгыны куурдар анал тэрили холбууллар эбит. Сииктээххэ 25 кыраадыс сылааска баанньыкка курдук итии, 5-10 кыраадыс тымныы 20-30 кыраадыстаах тымныыга тэҥнэһэр эбит. Хата, 30 кыраадыстаах куйаас суох.

Күннээх, ылааҥы күнэ аҕыйах. Онон, күнүн-дьылын эрдэттэн интэриниэккэ көрөн барар ордук.

Куорат иккис уратыта – сыырдаах, хайалаах сиргэ турар буолан, суоллара түһүү да тахсыы, кирилиэс бөҕө. Дьиэлэри хайа эниэтигэр кытта бэрт табыгастаахтык тутан таһаа­раллар эбит. Кыһын ардах түһэн баран тоҥордоҕуна, бу уулуссалар, дьэ, босхо сырылыыр сирдэргэ кубулуйаллар. Сороҕор, хайа үрдүгэр олорор дьон иккилии-үстүү күҥҥэ хаайтаран хаалаллар үһү. Бу кэнниттэн Туймаадабыт туоната көбүс-көнө иэннээҕэр махтана саныыгын…

Олорор сир сыаната ыарахан

Олорор, куортамныыр дьиэ сыаната ыарахан. Гостиницалар бааллар эрээри, сыаналара 5 тыһыынча солкуобайтан саҕаланаллар. Ол иһин олохтоох дьон дьиэ куортамныыр биисинэстээхтэр. Кэнники кэмҥэ 16-лыы этээстээх саҥа дьиэ бөҕө тутуллубут. Онон куортам дьиэлэрэ саҥалар, үчүгэй өрөмүөннээхтэр, туох баар миэбэлинэн, туттар тэрилинэн хааччыллыбыттар.

Сайын от ыйыгар, атыр­дьах ыйыгар муораҕа кэлэр турист ахсаана лаппа элбиир. Онон дьиэни 1-2 ый иннинэ “бронь” төлөөн, куортамныыр ордук. Манна түөкүттэр эмиэ бааллар. Онон эрэллээх соҕус сервистэринэн сакаастыахха наада. Биһиги FarPost диэн сыһыарыыны туһаммыппыт. Бу Владивостокка биллэр сыһыарыы, атыыһыттар регистрацияны ааһар, хас да сылы быһа үлэлиир буолан, эрэллээх соҕус диэххэ сөп.

От, атырдьах ыйдарыгар 1 хостоох кыбартыыра сыаната – сууккаҕа 5-8 тыһыынча сол­куобай. Элбэх буолан кыттыһан, 3 хостоох кыбартыыраны 6-8 тыһыынчаҕа куортамныыр табыгастаах. Ол эрээри, уонча хонукка 50-80 тыһыынча солкуобайы төлүүргэ бэлэм буолаҕыт. Онон Владивосток олоруу чааһыгар ыарахан сыаналаах куорат.

Харчытын ааҕынар-суоттанар киһи хостелга түһүөн сөп. Куойка сыаната хонукка
1 тыһыынчаттан саҕаланар. Ол эрээри, хоско хас да киһи буолан сытаҕын, туалет, душ, куукуна уопсай.

Куораттан тэйиччи пляжтарга ыалдьыт дьиэлэрэ, турбазалар бааллар. Онно хаптаһын курдук сайыҥҥы дьиэлэргэ түһүөххэ сөп, ол эрээри, үксүгэр туалет, душ таһырдьа буолар. Маны тэҥэ, бэйэ массыынатынан барбыт буоллахха, балаакканан эмиэ түһүөххэ сөп. Оччоҕо дьиэ кэргэн үбүн лаппа кэмчилиир.

Ааптар түһэриитэ.
Кэрэ-бэлиэ сирдэрэ

Владивостокка киһи кэрэхсиир сирдэрэ элбэхтэр – Нуучча арыытыгар баар баараҕай океанариум, онно барарга вантовай ньыманан тутуллубут Кыһыл көмүс уонна Нуучча муосталара, Өстүөкүлэ хомото, Аякс хомото, Шамора пляһа, Ворошиловскай батарея, Владивосток кириэппэһэ, фуникулер, Токарев майаага, түмэллэр, пааркалар…

Өстүөкүлэ собуота сабыллыбытыгар, элбэх алдьаммыт бытыылка муораҕа түспүт. Ол бытыылкалар үлтүркэйэрэ хомоҕо мустубуттар. Уонунан сылларга долгун кытылга сыбаан, өстүөкүлэ бытархайдара кырыыта суох бөкүнүк таастарга кубулуйбуттар. Араас өҥнөөхтөр. Өстүөкүлэ хомотугар куораттан чаас аҥаара айаннаан тиийэҕин, онно дьон сөтүөлүүр эрээри, туалет да, аһыыр сир да суох. Туристар таастары илдьэ баралларын түмүгэр, аҕыйах сылынан бу таастара суох буолуохтара дииллэр.

Куоракка пляжтар бааллар эрээри, кытыллара таастаахтар. Үрүҥ кумахтаах пляжтар Шамораҕа, Находка куоракка бааллар. Ол иһин туристар аҕыйах күн Владивостокка сылдьан баран, бу пляжтарга дьиэ, гостиница, турбаза куортамныыллар, онно сытан сынньаналлар эбит. Мантан Кытайга тахсыы олус чэпчэки дииллэр.

Муора уута от, атырдьах ыйдарыгар сылаас, ыраас, кыра крабтары, муора сулустарын көрүөххэ сөп. Ото-маһа хойуу, күп-күөх, үүнээйи өлгөмнүк үүнэр. Кытылга үүммүт абрикос­тардаах маһы, биэстээх харчы саҕа улахан ооҕуй оҕустары көрбүппүт.

Бэлиэ сирдэргэ тиийдиҥ да, сахалары көрсөҕүн. Чахчы, сороҕор Саха сиригэр сылдьар курдук сананаҕын. Сайын үтүөтүгэр чугастыы муораҕа баран сынньанан, сири-дойдуну көрөн кэлэргэ бэртээхэй сир эбит.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

52 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

1 час ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

2 часа ago