Владивостокка, Благовещенскайга диэри пуойастарга вагоннары эптилэр
Саҥа Дьыл кэннинээҕи уһун өрөбүллэргэ Аллараа Бэстээхтэн Благовещенскайга уонна Владивостокка диэри пуойаһынан айанныырга эбии вагоннарга билиэттэр атыыга таҕыстылар. Бу туһунан «Саха сирин тимир суоллара» аахсыйалаах хампаанньа иһитиннэрэр.
Бу кэмҥэ айан-сырыы эбиллэрин сабаҕалыыллар, ол иһин эбии вагоннары сыһыардылар. Дьон дьиэ кэргэнинэн атын куораттарга сынньана, көрө-истэ бараллар.
Пуойаска билиэти уонна Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри трансфер толуонун хампаанньа саайтыттан, эбэтэр, мобильнай сыһыарыытыттан атыылаһыахха сөп. Маны тэҥэ, tutu.ru, onetwotrip.ru. aviasales.ru уо.д.а. билиэттэри атыылыыр сервистэр нөҥүө атыыланаллар.
«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа каассалара Алдан, Томмот, Аллараа Бэстээх тимир суол вокзалларыгар уонна Дьокуускайга Ленин проспегын 24-с №-гэр баар «Азимут» отель 1 этэһигэр бааллар.
«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа саайтыгар Бэстээхтэн Владивостокка диэри пуойастар сылы эргиччи күн аайы сылдьыллар. Айан уһуна — 2 суукка 17 чаас. Купеҕа билиэт сыаната 10 716 солкуобайтан саҕаланар, плацкартка — 7646 солкуобай.
Иркутскайга диэри пуойастар сылы эргиччи күн аайы сылдьыллар. Айан уһуна — 2 суукка 23 чаас. Купеҕа билиэт сыаната 11 305 солкуобайтан саҕаланар, плацкартка — 7746 солкуобай.
Благовещенскайга диэри пуойастар сылы эргиччи күн аайы сылдьыллар. Айан уһуна — 1 суукка 17 чаас. Купеҕа билиэт сыаната 9681 солкуобайтан саҕаланар, плацкартка — 4848 солкуобай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: