Владивостокка Дьоруой Дмитрий Егоров өйдөбүнньүгүн туруордулар

Share

Сэтинньи 27 күнүгэр, Муора пехотатын күнүгэр, Владивосток куоракка Дьоруойдар аллеяларыгар Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров-Сунтаар бюһа туруорулунна. Бу аллеяҕа Дьоруой өйдөбүнньүгэ  Тихоокеанскай флот муора пехотатын Жуков уордьаннаах гвардейскай 155-с биригээдэтигэр турда. Кини бу биригээдэҕэ сулууспалаабыта.

Бу түгэҥҥэ Дмитрий дьиэ кэргэнэ — аҕата, убайа, балта, кэргэнэ, оҕолоро тиийэн, кыттыыны ыллылар. Оҕолоругар аҕаларын хорсун быһыытын өссө төгүл итэҕэттилэр. Байыаннайдар Дьоруой аатыгар сүгүрүйэллэрин биллэрдилэр.

Тихоокеанскай флот командующайа Виктор Лиина аҕата Николай Алексеевичка хорсун уолу ииппитин иһин махтанна уонна Дьоруой аатын үйэтитэргэ флот салгыы үлэлиэҕэр эрэннэрдэ.

«Бу Тихоокеанскай флоту албан аатырдыбыт буойуттар аллеяларыгар үйэтитиллибит Дьоруойдартан биирдэстэрэ саха уола Дмитрий Егоров-Сунтаар буоларынан киэн туттабыт. Бу күн кини дьиэ кэргэнигэр чахчы да улахан долгутуулаах күн буолла», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.

Дмитрий Егоров дойдутугар — Сунтаар улууһун Арыылаах агротехнологическай оскуолатыгар Дьоруой паартата турбута. Кини аатын үйэтитиигэ үлэ салҕанар.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга эр киһи сокуоннайа суох табаҕы эргиниигэ буруйданна

Дьокуускай куорат борокуратуурата 61 саастаах олохтооҕун холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһынын суут өйөөтө. Кини Холуобунай Кодексынан…

57 секунд ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сарсын күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ күүтүллэр

Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ, сэтинньи 28 уонна 29 күннэригэр, магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ. Бу туһунан ИКИ Күн…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгы иитиитин сайдыытын дьүүллэһиэхтэрэ

Сарсын, сэтинньи 29 күнүгэр,  Дьокуускайга “Сылгыны үөрдээн иитии – ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм” диэн…

31 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Инбэлииттэри кэлимник көрөн реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин байыаннай сулууспалаахтарга көмөтүн салгыыр

Ю.П. Степанов аатынан инбэлииттэри кэлимник көрөн реабилитациялыыр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииҥҥэ байыаннай дьайыы 354 кыттыылааҕа уонна…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдүөҕэ

2025 сылга "Дьиэ кэргэн" өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын суумата үрдээн, 316 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн СӨ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Гуманитарнай чинчийии института уонна Эдьигээн оройуонун дьаһалтата бииргэ үлэлээһиҥҥэ дуогабарга илии баттастылар

Эдьигээн Саха сирин биир баай устуоруйалаах, ураты олохтоох оройуона буолар. Манна бастакы остуруогу нуучча хаһаактара…

1 час ago