Владивостокка кыайыылаахтар ааттаннылар

Share

Бүгүн Владивостокка аччыгый куораттар уонна историческай сэлиэнньэлэр «Аччыгый куорат: дойду улахан тирэҕэ» диэн пуорум үлэтэ саҕаланна.

Пуорум сүрүн соруга — куорат эйгэтин тупсарыыга бастыҥ бырайыакка VIII Арассыыйатааҕы куонкурус түмүгүн таһаарыы. Ол иһигэр Уһук Илин уокуругун эрэгийиэннэрин II куонкуруһун түмүгэ тахсыахтааҕа. Саха сирэ куорат эйгэтин тупсарыыга  VIII Арассыыйатааҕы куонкуруска 14  сайаапканы ыыппыта.

Бу киэһэ Владивостокка куонкурус түмүгэ таҕыста. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов бэйэтин телеграмыгар: “Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны аҕалбыт буойуттарбыт Албан ааттарын үйэтитэр Ытык сирбит — Кыайыы Монуменын чөлүгэр түһэрии бырайыакпыт дойду үрдүнэн ыытыллыбыт күрэххэ кыайыылааҕынан таҕыста. Дьоммун-сэргэбин эҕэрдэлиибин, бука барыгытыгар өйөбүлгүт иһин улахан махталбын тиэрдэбин. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!” диэн иһитиннэрдэ.

Улахан экраҥҥа көстөрүнэн, Саха сириттэн биэс бырайыак кыайыылааҕынан тахсыбыт: Майа с., Орто Халыма к., Бүлүү к., Нерюнгри к. уонна Мииринэй к.

Сайаапкаҕа киирбиттэрэ маннык бырайыактар:

— В.И. Ленин аатынан болуоссат  — Алдан к.;

— Экологтар искибиэрдэрэ —  Сунтаар с. (2 этаап);

— «Кыайыы аартыга» уопсастыбаннай сир — Майа с.;

— Доҕордоһуу болуоссата — Нам с.;

—  Успуордунан дьарыктаныы уонна көхтөөх сынньалаҥ зоната — Чульман б.;

— Күөл биэрэгэр сынньалаҥ зоната —  Ытык Күөл с.;

—  «Дьикти саас» искибиэр —  Чурапчы с.;

— «Тэтим» мини-паарка — Амма с.;

—  «Ыллыыр кумах» сынньанар зона — Бүлүү к.;

— Кыайыы болуоссата — Орто Халыма к.;

— Сынньалаҥ биэрэгэ — Хандыга б.;

— «Ойуур» паарка — Ленскэй к. (2 этаап);

— Куорат паарката — Мииринэй к.;

— Култуура паарката — Нерюнгри к.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

51 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago