Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай куорат Марха түөлбэтигэр уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэриини саҕалыылларыгар сорудахтаата.
Тутуу бастакы түһүмэҕэ Марха олохтоохторун кииннэммит уу ситимиттэн ыраас ууну иһэри хааччыйыаҕа. Быйыл бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуонун оҥоруу уонна инженернэй чинчийиигэ үлэтэ былааннанар. Иккис түһүмэххэ “Сатал” уонна “Севернай” түөлбэ олохтоохторун уунан хааччыйыы сабаҕаланар.
“Дьокуускай куоракка быһаарыыны ирдиир үгүс сорук турар. Биир сүрүн ситиһиинэн 5-с нүөмэрдээх водоузелы ыытыы буолар. Үлэни салгыыр ирдэнэр, ордук Марха түөлбэтин киллэрэн туран, куорат хоту өртүгэр. Бары быһаарыылар куорат сайдыытын маастар-былааныгар сөп түбэһэн ылыныллыахтаахтар”, – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: