«Водоканал» тэрилтэ халаан уутун көрсөргө бэлэм

«Водоканал» тэрилтэ халаан уутун көрсөргө бэлэм

03.05.2023, 14:57
Ааптар хаартыската
Бөлөххө киир:

Аҕыйах сыллааҕыта ууну ыраастыыр саҥа тэрили туруоран, билигин нэһилиэнньэ ыраас уунан хааччыллан олорор, мин дьиэбэр кыраан уутун оргуппакка, сөҥөрдө түһэн баран иһэбин диэн «Водоканал» АУо кылаабынай инженерэ Андрей Аммосов суруналыыстары кытары көрсүһүүтүгэр эттэ.

Саас аайы, халаан уута ааһыан иннинэ, үгэс курдук, «Водоканал» тэрилтэ суруналыыстары түмэн пресс-кэмпириэнсийэ ыытар.

Кылаабынай инженер суруналыыстары кытары көрсөрүгэр «Водоканал» тэрилтэ халааны көрсө 100 % бэлэмнээҕин иһитиннэрдэ.

«Халааҥҥа бэлэмнэнии эрдэттэн барбыта. Мунньар, ыраастыыр уонна нэһилиэнньэҕэ тарҕатар тутуулар бэрэбиэркэни аастылар, халаан кэмигэр ууну ыраастыыр наадалаах реагеннарынан хааччылынныбыт. Турбаны аһар-сабар тэриллэри, биэнтиллэри, кылаапаннары, носуостары атыыласпыппыт. Үлэһиттэрбит бары икки нэдиэлэ анал үөрэҕи аастылар. Үөһээ Бүлүүгэ, Покровскайга уонна Дьокуускайга халаан кэмигэр үлэҕэ бэлэмнэр», — диэн эттэ кини.

Роспотребнадзор бэрэбиэркэтин эмиэ ааспыттар, толору бэлэмнээхтэрэ бэлиэтэммит. Водозабор билигин аныгылыы бүтүннүү автомат үлэтигэр көспүт. Кылаабынай инженер этэринэн, тэрилтэ аныгы оборудованиета Уһук Илиҥҥэ тэҥэ суох, оннооҕор Арассыыйаҕа икки-үс баарын саарбахтаата. Оннук үчүгэй ыстаансыйа Дьокуускай куораты уунан хааччыйа олорорун бэлиэтээтэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьокуускай куоракка ханыылыы ууну ыраастыыр ыстаансыйа тутуллубутун, инники өттүгэр улуус киинин бүтүннүү хааччыйыаҕын киэн тутта эттэ. Ууну маннык ыраастыыр ыстаансыйа Сунтаарга тутуллан бүтэн эрэрин, балаҕан ыйыгар киириэхтээҕин, баһылыктара сүүрэн-көтөн бырайыак иккис аҥарын оҥотторон, аны икки сылынан бүтүннүү уунан хааччыллыахтарын кэпсээтэ.

Суруналыыстар сүрүннээн быйылгы уустук халааҥҥа бэлэмнэнии, Дьокуускай куорат хаарын бириэмэтигэр таспакка, ол ууллан, кирдээх ууну канализационнай ханаалга түһэрии, тэрилтэ үлэһиттэрэ байыаннай дьайыыга кыттыыларын, көмөнү оҥоруу, инники былааннар, о.д.а. боппуруостары биэрдилэр.

Кылаабынай инженер Андрей Аммосов ардах уутун ыытар ханаал уонна канализационнай ханаал диэн тус-туспа тэрилтэ хаһаайыстыбалара буолалларын уонна туттуллар аналлара атынын быһааран биэрдэ. Куорат хаһаайыстыбата кирдээх ууну ситэн оботторор кыаҕа кыра буолан, канализационнай люктары арыйан, онно кутар, онуоха ол ууну кытары кумах, бытыылка, ол-бу бөх-сах киирсэр, ол иһин туолан хаалан, таһынан барар диэн быһаарда. Билиҥҥитэ, канализациябыт икки төгүл ноҕуруусканы ылан, киритиичэскэй таһымҥа турар эбит. Ол да буоллар, сотору кэминэн уу-хаар бүтэн, этэҥҥэ урукку киэппитигэр түһүөхпүт диэн кылаабынай инженер эрэллээҕин биллэрдэ.

«Бу күннэргэ 7 фекальнай массыына, икки ханаалы ыраастыыр массыына, носуос үлэлии сылдьар. Дьиҥэ, уулуссалар бырайыактара үчүгэйэ, ардах уутун ыытар ханааллар тутуллубуттара буоллар, итинник буолуо суох этэ. Биһиги кыахпыт төһө баарынан куорат кирдээх ууну-хаары дьаһайарыгар көмөлөһөбүт. Дьокуускай куорат Строительнай уокуругар фекальнай уонна хаары паарынан уулларар, ханаалы ыраастыыр массыыналарынан хааччыйан көмөлөстүбүт», — диэн Андрей Аммосов санаатын үллэһиннэ.

Кылаабынай инженер инники былааннар тустарынан, Дьокуускай куорат «Звезднай» түөлбэтин систиэмэтин бүтүннүү оҥорон бүппүттэрин, аны 17 түөлбэҕэ тутуллуохтаах «Спортивнай» түөлбэ бырайыагар үлэлэһэ сылдьалларын эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: