Бэҕэһээ, от ыйын 22 күнүгэр, Дьокуускай куорат 203 түөлбэтигэр Быыһыыр сулууспа водолазтара Василий Андреев уонна Станислав Соломахин аҕалаах уолу быыһаатылар.
Үс киһилээх водолазтар бөлөхтөрө «Якутия-24» телеханаалга анаан 203 түөлбэҕэ водолазтар үлэлэрин туһунан репортаж уста барбыттар. Репортаж устан баран сөтүөлүү сылдьар дьон аттынан ааһан истэхтэринэ ПСП водолазтарын старшината Василий Андреев: «Тохтоо!» диэн хаһыытаат массыынаттан ойон тахсыбыт.
Кини кэлин кэпсээбитинэн, өрүскэ кытылтан ырааҕа суох тэйиччи уол оҕо ууга тимирээри булумахтана сылдьарын ыраахтан көрбүт. Ол кэнниттэн уолга көмөҕө аҕата ыстаммыт, ол эрээри бэйэтэ эмиэ тимирэн барбыт.
Василий сүүрэн тиийэн бастаан аҕаны илиититтэн тутаат бэйэтигэр тардыбыт, бу кэмҥэ Станислав ситэн кэлэн оҕону быыһаабыт.
Кинилэр иккиэн куттаммыт аҕалаах уолу кытылга таһаарбыттар. Уол ууну омурдубут буолан, айаҕын тулата күүгэннирбит эбит.
СӨ Быыһыыр сулууспата Дьокуускай куорат 203 түөлбэтигэр сөтүөлүүр көҥүллэммэтин санатар, сэрэтэр. Өрүс бу эҥэригэр чүөмпэ элбэх, онон көҥүллэнэр эрэ сиргэ сөтүөлүүргэ уонна төрөппүттэр оҕолору көрө сылдьаргытыгар сүбэлииллэр.
Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор…
Ис дьыала министиэристибэтин Саха сиринээҕи салалтатын 2 №-дээх полиция отделыгар эр киһи харааһыттан электроинструменнарын уорбуттарын…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…
Хас биирдии идэ туһунан уратылаах, абылаҥнаах буоллаҕа. Арктикатааҕы археология түмэлин үлэһиттэрэ (дириэктэр Елена Соловьева) 2023-2024…
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…
Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…