Салгыы
Волонтердар байыастарга көмөлөрө салҕанар

Волонтердар байыастарга көмөлөрө салҕанар

Ааптар:
10.08.2024, 10:45
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Саха сирин волонтердара байыастарга уопсайа 107 тонна гуманитарнай көмөнү ыыппыттар.

#МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайар Айыллаан Винокуров бу туһунан кэпсиир.

«Саха сирэ эйигин кытта!» хамсааһын кыттааччыларын күүстэринэн байыастарга 400- тэн тахса киилэ ыйааһыннаах таһаҕас ыытылынна. Ыстаапка күн аайы 10-тан тахсалыы волонтер үлэлиир. Малы-салы туталлар, таҥас тигэллэр, хаххалыыр ситимнэри, харысхаллары оҥороллор, – диэн кэпсиир кини.

Волонтердарга уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэлэр уонна дьон-сэргэ көмөлөһөрүн бэлиэтиир. Маны сэргэ, улуустарга байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруулара салҕанар.

Байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥорор пуун аадырыһа:  Дьокуускай, Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ дьиэтэ). Пуун 10-18 ч. үлэлиир.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: