Волонтер-эдьиийдэр
Петербург сахалара төрөөбүт дойдуларын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллаллар.Биһиги биир дойдулаахтарбыт ханна да олордоллор, төрөөбүт сирдэрин кыһалҕатын кыһалҕа оҥостор, үөрүүтүн тэҥинэн үллэстэр үтүө майгылаах дьон буоллахтара эбээт. Чурапчыттан төрүттээх Варвара Илларионова Нева кытылыгар турар Санкт-Петербург куоракка олохсуйан олорбута хаһыс да сыла.
Айар күүс тардыытынан
Варвара оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа Августина Филиппова арыйбыт суос-соҕотох куурсугар түбэһэн, бу улуу талааҥҥа үөрэнэн хаалбыт дьоллоох, айар аартык абылаҥар уһуйбут учууталын айар куттаах ийэм диэн истиҥник ааттыыр. Хатаска олорор кэмигэр мастарыскыай аһан, айар үлэнэн дьарыктаммыта. Сотору кэминэн Варвара кыыһын илдьэ Орел куоракка дьонугар көһөн тиийбитэ. Олохтоох трикотажнай баабырыкаҕа модельерынан үлэҕэ киирбитэ, кэлэктиибин кытта Москваҕа аан дойдутааҕы быыстапкаҕа кытта сылдьан, Петербуртан сылдьар урбаанньыт дьахталлардыын билсибитэ. Итиэннэ сааһыары итальянскай методиканан ньэмиэт быһарга үөрэтэр Алла Попова куурсугар ыҥырыллыбыта.
Санкт-Петербург хайа баҕарар киһини абылыыр кэрэ куорат. Невскэй проспект устун күүлэйдии сылдьан, Варвара манна хааларга быһаарыммыта.
Улахан куоракка
Бастакы үлэтэ – ателье администратора этэ, 5 ательены көрөрө-истэрэ. Үлэҕэ дьону ылыы, фурнитураны, тиэхиньикэни атыылаһыы, харчыны ааҕыы-учуоттааһын, төһө барыстааҕын быһаарыы, улахан куорат баай-мааны дьонун кытта кэпсэтии, сыһыаны олохтооһун – бу барыта уопут буолан мунньуллан испитэ. Кыыс салгыы бэйэтин дууһатыгар сөп буолар айар үлэни көрдөнөн барбыта. Тыйаатырдарга үлэлиэн олус баҕарара, биир үтүө күн дьылҕата кинини Борис Эйфман тыйаатырыгар тиэрдэн биэрбитэ. Манна Варвара биэс сыл устата үлэлээбитэ, балет артыыстара кэтэр таҥастарын тигии – бэйэтэ туһунан ускуустуба буоллаҕа.
Дьэ итинник тыйаатырга үлэлиир суола арылыннар арыллан испитэ. Билигин Варвара Дмитриевна Мариинскай тыйаатырга үһүс сылын былаанныыр-экэнэмиичэскэй салааҕа нормировщик экэнэмииһинэн үлэлиир. Дойду биир ааттаах-суоллаах тыйаатырын художественнай производственнай кэмбинээтигэр 5 тыһ. киһи үлэлиирин санаан көрүҥ.
Волонтерскай үлэ
“Үлэм таһынан “Саха-Петербург” волонтерскай хамсааһын куратора буолабын, – диэн кэпсиир Варвара Дмитриевна. – Үһүс сылбытын бааһыран кэлэр уолаттарга туох кыалларынан көмөлөһөбүт. Туора турбат, көхтөөх 15 волонтердаахпыт, онон түгэнинэн туһанан кинилэри сырдатан ааһыахпын баҕарабын. Бу өссө ССРС саҕана Ленинградка үөрэнэ тиийэн баран, олохсуйан хаалбыт кыргыттар, сорохтор 43-с сылларын манна олороллор. Кинилэр тустарынан уруккуттан истэрим, ымсыыра саныырым, ол иһин кинилэри испэр “Мин Легендарнай Ленинградкаларым” диэн ааттыыбын.
Байыаннай дьайыы буоларын саҕана Санкт-Петербурга Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн Юрий Кравцов үлэлиирэ. Биирдэ биһиэхэ госпитальга уолаттар киирбиттэр, табахха наадыйаллар диэбитэ. Ира Даниловалыын иккиэ буолан барбыппыт. Арай Алексей А., баара-суоҕа 24 саастаах эдэркээн уол, икки атаҕа суох сытаахтыыра. Итинник бастаан Алешаҕа, Андрейга, онтон утуу-субуу саҥаттан саҥа киирэр уолаттарга бара турабыт. Бастакы сылбар олус ыарырҕаппытым. Ыараханнык бааһырбыт, эчэйбит уолаттары көрсөн, кэпсэтэн баран, чаас аҥаара массыынаҕа ытыы олорооччубун. Билигин онно холоотоххо, балачча үөрэммит курдукпун да, ааспыкка бэрэбээскилиир сир аттыгар туран уолаттар хаһыытыылларын истэн, олох салыбырыы түспүтүм”.
Эдьиийдэр
Госпитальга эмтэнэр уолаттар волонтер дьахталлары ис сүрэхтэриттэн эдьиийдэрбит диэн ааттыыллара мээнэҕэ буолбатах.
“Чурапчыттан төрүттээх Кэскил диэн уол бааһыран киирбитэ. Үтүөрэн тахсан дойдулаабыта, ыһыахтаабытын, Москваҕа ыҥыран наҕараада туттарбыттарын барытын кэпсиирэ. Иккистээн хантараакка илии баттаан, байыаннай дьайыыга баран эрэрин эппитэ. Сороҕор 1,5 нэдиэлэ сүтэрэ, онтон эмиэ сибээскэ тахсара. Атырдьах ыйыттан эрийэ, сибээскэ тахса илик. Онтон балта эрийэн миэхэ тахса сылдьыбыта… Итинник биһиги, волонтердар, суукканы эргиччи уолаттары уонна кинилэр төрөппүттэрин, чугас дьоннорун кытта бииргэ буолан хааллыбыт. Дьоҥҥо ыалдьыттыыр да кыаҕыҥ суох курдук буолан хаалла, тоҕо диэтэххэ, өйүҥ-санааҥ барыта атыҥҥа сылдьар. Реанимация балаататыгар киирэн барахсаттары көрөбүт-истэбит, тугу кыайарбытынан ыарыылыыбыт, уоскутабыт, ааттаһан-көрдөһөн анараа дойдуттан төнүннэрэн кэриэтэ аҕалабыт. Ситинник хас биирдиилэригэр дууһаҥ сорҕотун биэрэҕин”.
Төрөөбүт дойдуҥ көмөтө
Бастакы сылларыгар волонтердар хайдах тугу гыныахтарын, пропуск ыларга ханна кимиэхэ тиийиэхтэрин да билбэт этилэр. Петербург куорат биэнсийэтэ кыра, онтон ордорунан госпиталларга сытар уолаттарга ас атыылаһан буһаран илдьэллэрэ, табах, эмп-томп ылан биэрэллэрэ. Бу барыта дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр охсор буоллаҕа. Ол иһин Варвара Чурапчы Дириҥэр олорор бииргэ үөрэммит оҕолоругар балаһыанньаны быһааран суруйар.
“Кинилэр тута 100 киилэ кэриҥэ аһы-үөлү хомуйа охсон ыыппыттара, инньэ гынан уолаттарга быдан элбэх аһы буһарар кыахтаммыппыт.
Сотору кэминэн бородуукта хомууругар Хоптоҕо нэһилиэгин “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһынын салайааччыта Валентина Петрова кыттыспыта, бүтүн Чурапчы улууһа көмөлөһөн киирэн барбыта. Онон күн бүгүҥҥэ диэри үчүгэй баҕайытык бииргэ үлэлии сылдьабыт, биир дойдулаахтарбынан олус киэн туттабын. Холобур, бу соторутааҕыта Иван Захаров биһиэхэ убаһа быарын, халбаһы, эт ыыппыта”.
Дойдуларыттан өйөбүл көстөөтүн кытта волонтер кыргыттарга иккис тыын киирбитэ. Аны Байыаннай-мэдиссиинискэй академия олус улахан, куорат иһигэр куорат кэриэтэ, хас биирдии отделениены кэрийэр буоллаххына, күнүҥ онно бүтэр. Бааһырбыттар элбэхтэр, ол иһин биир киһи соҕотоҕун хайдах да барыларыгар кыайан астаабат, аны сүгэн кэлиэн наада. Онон бары аҥардаһан буһаран, астаан аҕалаллар, суунар малынан, о.д.а. хааччыйаллар. Уонна, саамай кылаабынайа, уолаттарга төрөппүт ийэлии, эдьиийдии амарахтык сыһыаннаһан олоххо төнүннэрэллэр, эрэл санааны угаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: