«#МЫВМЕСТЕ» ыстаап волонтердара бу күннэргэ анал байыаннай дьайыы байыастарыгар 2 туоннаттан тахса гуманитарнай таһаҕаһы ыыттылар. Бу туһунан «#МЫ ВМЕСТЕ» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччыта Айыллаан Винокуров брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр араас хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаарарга көмөлөһөллөрүн салгыыллар.
«Якутия с тобой» уопсастыбаннай хамсааһын волонтердара гуманитарнай көмөнү, байыастарга аадырыстаммыт баһыылкалары хомуйаллар, саһыарар ситимнэри, харысхаллары оҥороллор.
— Саха сирин волонтердарын кэккэлэригэр кыттыһаргытыгар ыҥырабын. Дойдубутун көмүскүү сылдьар байыастарбытыгар көмөнү оҥоруох тустаахпыт, — диэн Айыллаан Винокуров эттэ.
«Якутия с тобой» уопсастыбаннай хамсааһын ыстаабыгар гуманитарнай көмөнү туталлар. Үлэлиир чааһа: күн аайы сарсыарда 9 чаастан киэһэ 7 чааска диэри. Аадырыстара: Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 10 №-рэ, 3 этээс, аактабай саала.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…