Саха сиригэр байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга гуманитарнай көмөнү уонна сылаас таҥаһы-сабы хомуйуу аахсыйата салҕанар. Бу туһунан #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа ыстаабын салайааччы Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ.
Сылаас таҥаһы Дьокуускайга Бестужев-Марлинскай уулуссатын 5-с №-гэр, ДОСААФ дьиэтигэр хомуйаллар. Пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 9 чаастан киэһэ 7 чааска диэри үлэлиир. Баҕалаах дьон кэлэн, волонтердарга саһыарар сиэккэни өрөргө уонна блиндаж чүмэчилэрин оҥорорго көмөлөһүөхтэрин сөп.
— Биһиги волонтердарбыт 122 нүөмэринэн сайаапкалары ылан баран, бары улуустарга байыастар дьиэ кэргэттэригэр араас хабааннаах көмөнү оҥороллор, — диэн Айыллаан Винокуров кэпсээтэ.
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, Саха сирин волонтердара 120 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү уонна байыастарга 2300 тус баһыылкалары ыыппыттара. #МЫВМЕСТЕ актыбыыстара 2024 сылга 5,5 тыһыынчаттан тахса сайаапканы ылан, байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөспүттэрэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Бүлүү улуһуун Лөкөчөөн нэһилиэгин олохтоохторо бэйэлэрэ бултаабыт кустарын, куобахтарын, балыктарын, о.д.а. төрүт астарын …
Бу субуотаҕа, тохсунньу 18 күнүгэр, киэһэ 19 чаастан “Саха” НКИХ Кубогар волейболга күрэхтэһии саҕаланар. Сылы…
Ааспыт суукка иһигэр Дьокуускай полициятыгар үҥсүбүт икки дьахтар түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбуттар. Уопсайа 2 мөлүйүөн солкуобайтан…
Хоту дойдуга кыһыҥҥы суол хойутаабакка аһыллара, үчүгэйдик оҥоһуллара эргиччи туһалаах. Ол курдук, хоту дойду олохтоохторо…
Биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт Августина Семеновна Хабарова-Владимирова “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларын Эргэ Саҥа дьылынан күлэ-үөрэ, сынньана…
Тимир суол үлэҕэ киирэн, Саха сирин олохтоохторо айан бу көрүҥүн бэркэ туһанан эрэллэр. Чахчы да,…