Волонтердар байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

Share

Саха сиригэр #МЫВМЕСТЕ аахсыйа волонтердара сыл саҕаланыаҕыттан байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөн, уопсайа 5,5 тыһ. тахса сайаапканы толорбуттар. 

Бу туһунан #МЫВМЕСТЕ  аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайар Айыллаан Винокуров иһитиннэрэр.

«Байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү салҕанар. Гуманитарнай, психологическай, юридическай, уо.д.а. көмөлөр, туох наадатынан оҥоһулла тураллар», — диэн этэр Айыллаан Винокуров. Кини бары улуустарга байыастарга гуманитарнай көмө хомулларын бэлиэтиир.

«Саха сирэ эйигин кытта!» уопсастыбаннай хамсааһын «СВОих не бросаем!» аахсыйаны тэрийэн ыытар. Ол аахсыйа чэрчитинэн таҥас тигэргэ матырыйааллары, о.д.а. наадалааҕы ылаллар. Бары улуустарга көхтөөхтүк кыттар дьон байыастарга анаан хаххалыыр сиэккэни бэлэмнииллэр, чүмэчилэри оҥороллор.», — диир кини.

Салгыы 122 (6  кунуопканы баттыыгын) эрэгийиэннээҕи төлөпүөнүнэн 10:00 ч.-18:00 ч. диэри волонтердар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэриттэн араас көмөнү оҥорууга сайаапкалары ылалларын иһитиннэрэр. Байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥорор пуун Дьокуускай куорат, Орджоникидзе уул. 10 №-гэр 10:00 ч.-19:00 ч. диэри үлэлиир.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Лөкөчөөннөр байыаннай дьайыыга аһынан көмөлөһөллөр

Бу күннэргэ Бүлүү улуһуун Лөкөчөөн нэһилиэгин олохтоохторо бэйэлэрэ бултаабыт кустарын, куобахтарын, балыктарын, о.д.а. төрүт астарын …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Волейболга өрөспүүбүлүкэ күүстээхтэрэ күөн көрсүөхтэрэ

Бу субуотаҕа, тохсунньу 18 күнүгэр, киэһэ 19 чаастан “Саха” НКИХ Кубогар волейболга күрэхтэһии саҕаланар. Сылы…

7 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр «Энергосбыт», ФСБ аатыттан эрийэллэр

Ааспыт суукка иһигэр Дьокуускай полициятыгар үҥсүбүт икки дьахтар түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбуттар. Уопсайа 2 мөлүйүөн солкуобайтан…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Барыластан куоракка 20 чаас айанныылар

Хоту дойдуга кыһыҥҥы суол хойутаабакка аһыллара, үчүгэйдик оҥоһуллара эргиччи туһалаах.  Ол курдук, хоту дойду олохтоохторо…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Кыратык күлэ түһүөххэ…

Биһиги эрэллээх ааҕааччыбыт Августина Семеновна Хабарова-Владимирова  “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларын Эргэ Саҥа дьылынан күлэ-үөрэ, сынньана…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимир суол билиэтин эрдэттэн атыылаһар барыстаах

Тимир суол үлэҕэ киирэн, Саха сирин олохтоохторо айан бу көрүҥүн бэркэ туһанан эрэллэр. Чахчы да,…

9 часов ago