Волонтердар икки тыһыынча кэриҥэ сайаапканы толордулар

Волонтердар икки тыһыынча кэриҥэ сайаапканы толордулар

Ааптар:
21.11.2022, 18:50
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр #БАРЫБИИРГЭ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа волонтердара быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөн икки тыһыынча кэриҥэ сайаапканы толордулар.

Бу туһунан бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, брифиҥҥэ аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайар Айыллаан Винокуров иһитиннэрдэ.
«Биһиги волонтердарбыт, бастатан туран, быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр кыстыкка бэлэмнэниигэ көмөлөһөллөр, — диир Айыллаан Винокуров. — Ыстааптар өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарыгар бааллар. Барыта 500-тэн тахса волонтер, бэйэлэрин баҕаларынан, олохтоох салалталар ыччат политикатыгар отделларын исписэлиистэрин кытары хардарыта сибээстээх үлэлэһэллэр«.

Кини баҕалаахтары мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр аахсыйаҕа кытталларыгар ыҥырда.

Санатан эттэххэ, байыаннай сулууспалаахтар уонна мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр соруктаах тэриллибит #БАРЫБИИРГЭ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа балаҕан ыйын 29 күнүттэн саҕаламмыта.

Маныаха көмөлөһүөн баҕалаахтарга колл-киин хонугу эргиччи үлэлиирин иһитиннэрэллэр.

122 нүөмэргэ эбии 6 – эбии 1 нүөмэри баттыыгыт. Бу мобилизацияламмыт уонна контрактник-доброволецтар дьиэ кэргэттэригэр волонтердар көмөлөһүүлэрин боппуруоһунан.

122 нүөмэргэ эбии 6 – эбии 2 нүөмэри баттыыгыт. Бу психологическай көмө боппуруостарынан. Мобилизацияламмыт дьоҥҥо көмөнү оҥоруу ыстааба өрөбүлэ суох күн ахсын 10:00-18:00 ч. үлэлиир. Аадырыһа Орджоникидзе уул. 10.

Хаартыскалар #БАРЫБИИРГЭ эрэгийиэннээҕи ыстааптан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: