Салгыы
Волонтердар көдьүүстэрэ улахан

Волонтердар көдьүүстэрэ улахан

Ааптар:
24.08.2023, 14:16
Хаартыска Вера Душкевич тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар волонтердар көмөлөрө улахан, дьоһун суолталаах. Холобур, бааһыран госпитальга сытар байыастарга араас көмөнү оҥороллор. Ол туһунан кэпсииргэ соруннубут. 

Доннааҕы Ростов куоракка

Байыаннай дьайыы сириттэн-уотуттан кэлэн иһэн, Доннааҕы Ростов куоракка госпитальга байыастарга көмөлөһөр волонтердары кытта көрүстүбүт. Кинилэр үлэлэрэ тугун-ханныгын туһунан Саха сириттэн сылдьар ба­­йыастарга көмөнү сүрүннүүр Биир кэлим координационнай киин бэрэстэбиитэлэ Вера Душкевич маннык кэпсээтэ.

Волонтердар үлэлэрэ

– Бу куоракка былырыын сэтинньи 11 күнүттэн үлэлии сылдьабын, – диэн Вера Петровна кэпсиир. – Биир кэлим сүрүннүүр киин тэриллэн госпиталы кытта бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэһии түһэрсиллэн, ол чэрчитинэн СӨ Доруобуйа харыс­табылын министиэристибэтиттэн бы­­раастар биригээдэлэрэ кэлэн волонтер быһыытынан күүскэ үлэлии сылдьаллар, номнуо бэһис бөлөх. Билигин СӨ Ыччат минис­тиэристибэтин исписэлиистэрэ кэлэн, госпитальга үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Номнуо үһүс бөлөх кэллэ. Бастакы бөлөххө үс, иккискэ икки, үһүскэ икки кыыс кэлбиттэрэ. Кинилэр бэ­­йэ-бэйэлэриттэн үлэни тутуһан солбуйсан иһэллэрэ олус үчүгэй.  Уопутурбут исписэ­лиистэр саҥа кэлбиттэргэ үлэ фрона тугун-ханныгын үчүгэйдик көрдөрөн, быһааран биэ­­рэллэр. Кыргыттар үгүс өттүгэр ­приемнай отделениеҕа үлэлииллэр. Манна үлэ күөстүү оргуйар. Байыастар кэллэхтэринэ, аан бастаан кинилэр көрсөллөр. Ол быыһыгар отделениеҕа эмиэ көмөлөһөллөр. Ол иһин үлэлэрэ олус элбэх.

Көмө тута оҥоһуллар буолла

– СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин нөҥүө бэриллэр биир кэлим төлөбүр тута оҥоһуллар буол­ла. Уолаттар тустаах докумуон­нарын волонтердар оҥорон биэрэллэр. Онон үксүгэр балыыһаттан эмтэнэн тахса да иликтэринэ, көрүллүөхтээх биир кэлим төлөбүр каарталарыгар түһэр. Инньэ гынан, эмтэригэр-томторугар, дьоннорун бырайыастаан аҕалалларыгар үптээх-харчылаах буолаллар. Бу – улахан төһүү күүс, көмө. Саха сирэ Ростовтан олус ыраах, байыастар аттыларыгар волонтердар бааллара сүрдээх үчүгэй. Кыргыттар кыһаллан-мүһэллэн үлэлииллэр.

Байыастар эмтэниилэрэ

– Аан бастаан уолаттар госпитальга эмтэнэ киирэллэр. Первичнэй зона диэҥҥэ байыастары көрөллөр-истэллэр. Диагнозтара чуолкайданар уонна кинилэри Арассыыйа киин куораттарыгар баар госпиталларга салгыы эмтэниигэ ыыталлар. Ол иһин ба­­йыастар манна өр буолбаттар. Сууккаттан саҕалаан нэдиэлэ эрэ сыталлар.

Төрөппүттэргэ сүбэ-ама

– Төрөппүттэргэ, чуо­­лаан ийэлэр барахсаттарга, маннык этиэҕи баҕарыллар. Тута айманыа суохтаахтар. Кинилэр айманыыларыттан уолаттар өссө ыксыыллар. Онон икки өттүттэн – төрөппүтү уонна байыаһы уоскутуу буолааччы. Буолбут буоллаҕа дии, ону өйдүөххэ, ылыныахха наада, баары-баарынан. Инники өттүгэр хайдах буолуллара толкуйданыллыахтаах.

Биир кэлим сүрүннүүр киин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэриллибитэ олус үчүгэй. Байыаннай дьайыыны уонна  уопсастыбаны ситимниир ураты анал­лаах, суолталаах. Кииҥҥэ сүтүктээхтэр даҕаны, бааһырбыт уолаттардаахтар даҕаны, гуманитарнай көмө боппуруостарынан да эрийэн ыйыталаһар толору бырааптаахтар. Аны туран, киирбит ыйытыы салгыҥҥа ыйанан хаалбат, барыта хайаан да быһаарыллар. Биллэн турар, сорох боппуруос түргэнник быһаарыллыа суоҕун сөп эрээри, син биир төрдүгэр-төбөтүгэр тириэрдиллэр. Онон тус­таах кииҥҥэ баар ыйытыылар биир сиргэ түмүллэллэрэ үчүгэй, түргэнник быһаарыллар.

Волонтер Анна Иванова

Салгыы кэпсэтиигэ  Саха сиринээҕи психологическай өйөбүл киинин Хаҥаластааҕы филиалын исписэлииһэ Анна Иванова кыттыһар.

– Толору байыастар­даах массыына кэллэҕинэ, Саха сириттэн сылдьар уолаттары көрсөбүт. “Ким Саха сириттэн баарый?” – диэн хаһыытыыбыт. Байыаннай дьайыы аата байыаннай дьайыы буол­лаҕа, сорох байыастар кулгаахтарынан адьас истибэт, уйулҕалара ыһыллыбыт буолар. Кинилэргэ, төһө кыалларынан, күүс-көмө буолабыт. Сахалыы кэпсэтэбит, өр төрөөбүт тылларын истибэтэх, кэпсэппэтэх уолаттар адьас сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Хас биирдии ба­­йыаска ийэлии, эдьиий-балыс курдук сыһыаннаһа сатыыбыт. Мантан олус үөрэллэр, махтаналлар. Кинилэр махталлара, сүргэлэрэ көтөҕөллүүлэрэ күүспүтүгэр күүһү эбэр. Гуманитарнай көмө Саха сириттэн кэлэриттэн атын эрэгийиэннэр олус соһуйаллар. Биһиэхэ эмиэ маннык баара буоллар дииллэр. Гуманитарнай көмөнөн кэлбит таҥаһынан-сабынан, тус гигиена сириэстибэлэринэн хааччыйан баран, биир кэлим төлөбүргэ сайабылыанньаны суруйтаран хомуйабыт. Аны туран, байыастар тугу баҕарбыттарын куораттан атыылаһан аҕалан биэрэбит. Ханна барбыттарын-кэлбиттэрин ыйыталаһан билсэ, сибээстэһэ олоробут.

Хаартысканы Вера Душкевич тиксэриитэ.

Психологическай көмөнү оҥоруу

– Психологическай көмөнү этэр буоллахха, бастаан кэлбит дьон туруктара, майгылара-сигилилэрэ мөлтөх буолар. Ол иһин, истэригэр илдьэ сылдьар санааларын-оноолорун тоҕо тэбииллэрин ирдиибит уонна кэпсиир-ипсиир буоллахтарына, барытын болҕойон истэбит. Адьас аһыллыахтарын наада. Бастакы күннэргэ, биллэн турар, тута кэпсэтэн барбаттар. Ол өйдөнөр. Иккис, үһүс күнтэн аһыллан кэпсэтэн-ипсэтэн алтыһан бараллар.

Байыастар биһигини көрдөхтөрүнэ, олус үөрэллэр

Артур Протодьяконов, Хаҥалас улууһунааҕы киин балыыһа кылаа­бынай бырааһа:

– Бааһырбыт байыастарга көмөлөһө диэн, Саха сириттэн кэллибит. Доннааҕы Ростов куорат улахан госпиталыгар үлэлии сылдьабыт. Биригээдэ састаабыгар хирург, анестезиолог, операционнай медсиэс­тэрэ бааллар. Олохтоох быраастар биһиги быраастарбыт Саха сирэ курдук ыраах сиртэн кэлэн көмөлөһө сылдьалларыгар ис сүрэхтэриттэн махтаналлар. Саха сириттэн сылдьар уолаттар биһигини көрдөхтөрүнэ, сахалыы саҥаны иһиттэхтэринэ, үөрэллэр, күүстэригэр күүс эбиллэр курдук. Биһиги, төһө кыалларынан, кинилэргэ көмөлөһө сатыыбыт, салгыы эмтэнэ баралларыгар сүбэ-ама биэрэбит. Үлэлээбиппит ый аҥаара ааста, өссө да ый курдук үлэлиибит.

Доннааҕы Ростов – Дьокуускай – Доннааҕы Ростов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: