Волонтердар көҕүлээһиннэрин дойду таһымыгар тарҕатарга туруорсаллар

Волонтердар көҕүлээһиннэрин дойду таһымыгар тарҕатарга туруорсаллар

09.03.2024, 13:20
Бөлөххө киир:

Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайыгар «Антирак» хамсааһын салайааччыта Капиталина Алексеева уонна кинини өйөөччү Лариса Заболоцкая дойду таһымыгар искэн ыарыылаах дьону өйүүр кииннэри тэрийэр туһунан көҕүлээһиннээх киирэ сырыттылар.

Дьахталлар иккиэн ыарахан ыарыыттан эмтэнэн, билигин бу ыарыыттан тыыннаах хаалбыт дьону өйүүр соруктаах үлэни ыыталлар. Кинилэр уустук түгэҥҥэ санааларын түһэрбит дьоҥҥо, чугас аймахтарыгар сүбэ-ама биэрэллэр, араас түгэннэргэ өйөбүлү оҥороллор. Волонтердар Саха сиригэр ыытар үлэлэрин уопутун Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр тарҕатан, куйаар ситиминэн үлэлиир кыахтаахтарын билиһиннэрдилэр уонна бу этиилэрин өйүөхтэрэ диэн санааларын тиэртилэр.

Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайа 2023 сыл ахсынньы ыйыттан үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан киирбит этиилэри бэрэсидьиэн дуоһунаһын хандьыдаатыгар тиэрдэн иһэллэр. Онон этиилээх дьон бу уопсастыбаннай приемнайга кэлэн санааларын үллэстэн, кэскиллээх этиилэри киллэрэн бараллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: