Салгыы
Тыа сиригэр волонтердар сүрүн көмөлөһөөччүлэр

Тыа сиригэр волонтердар сүрүн көмөлөһөөччүлэр

Ааптар:
18.11.2022, 18:30
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр #БАРЫБИИРГЭ аахсыйа кыттыылаахтара быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөн, уопсайа 1915 сайаапканы толордулар.

Бу туһунан брифиҥҥэ #БАРЫБИИРГЭ аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.
«Мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрэ көмөҕө наадыйдахтарына «122» нүөмэргэ эрийиэхтэрин сөп. Холобур, дьиэ таһынааҕы үлэҕэ, мас хайытыытыгар, аһы-үөлү эбэтэр эми-тому аҕалыыга, о.д.а. Барытыгар ылсан көхтөөхтүк үлэлиир волонтердар элбэхтэр. Ол курдук, Намҥа, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Сунтаарга, Мэҥэ Хаҥаласка, Ньурбаҕа, Горнайга тиһиктээхтик үлэлииллэр», — диэн этэр Айыллаан Винокуров.
Санатан эттэххэ, #БАРЫБИИРГЭ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа үлэтэ быйыл балаҕан ыйын 29 күнүттэн саҕаламмыта.
Маныаха көмөлөһүөн баҕалаахтарга колл-киин хонугу эргиччи үлэлиирин иһитиннэрэллэр.
122 нүөмэргэ эбии 6 – эбии 1 нүөмэри баттыыгыт. Бу мобилизацияламмыт уонна контрактник-доброволецтар дьиэ кэргэттэригэр волонтердар көмөлөһүүлэрин боппуруоһунан.
122 нүөмэргэ эбии 6 – эбии 2 нүөмэри баттыыгыт. Бу психологическай көмө боппуруостарынан.
Мобилизацияламмыт дьоҥҥо көмөнү оҥоруу ыстааба өрөбүлэ суох күн ахсын 10:00 — 18:00 ч. үлэлиир. Аадырыһа Орджоникидзе уул. 10.
Хаартыска СИА
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: