Волонтердар «Сылаас күһүн» аахсыйаны биллэрдилэр
Саха сирин волонтердара «Сылаас күһүн» диэн аахсыйаны биллэрэн, байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга ичигэс таҥаһы хомуйуу аахсыйата саҕаланна.
Бу туһунан #МЫВМЕСТЕ Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа эрэгийиэннээҕи ыстаабын салайааччы Айыллаан Винокуров кэпсээтэ.
Кини тэрилтэлэри, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бу гуманитарнай аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыһалларыгар ыҥырда.
— Биһиги ыстааппыт икки сүрүн хайысханан үлэтин салгыыр. Волонтердар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥороллор. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ 122 нүөмэрдээх «итии лииньийэ» төлөпүөнүгэр эрийэн, сайаапкаларын хаалларыахтарын сөп. Маны тэҥэ, «Якутия с тобой!» хамсааһын волонтердара гуманитарнай көмөнү хомуйар үлэлэрэ салҕанар, — диэн кини кэпсээтэ.
Байыастарга гуманитарнай көмө пуунун аадырыһа: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уулуссатын 5-с №-дээх дьиэтэ (ДОСААФ). Пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 9 чаастан киэһэ 7 чааска диэри үлэлиир.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: