“Восточнай” космодромтан «Кондор-ФКА» аракыата көттө
Бүгүн, ыам ыйын 27 күнүгэр, “Восточнай” космодромтан «Кондор-ФКА» радиолокационнай спутниктаах аракыата космос куйаарыгар көттө.
РИА Новости сонуннары тарҕатар ааҕыныстыба иһитиннэрбитинэн, көппүтүн кэннэ 9 мүнүүтэ буолан баран, аракыата үһүс ступеныттан спутник көтөр блога араҕыста.
«Кондор-ФКА» радиолокационнай аппаратура суукканы эргиччи күнү-дьылы кэтээн көрөр кыахтаах. Аппараат ыйааһына — 1050 киилэ, үрдүгэ – 500-550 километр. Спутник сууккаҕа Сир хайа баҕарар иэниттэн 100 хаартысканы оҥоруон сөп. Бу үлэ тыа хаһаайыстыбатын бары салааларыгар араас үлэ ыытылларыгар, айылҕа таһаарар иэдэнин бохсууга, Хотугу муустаах муора мууһун кэтээн көрүүгэ олус туһалаах буолуоҕа.
«Кондора-ФКА» аракыата иккис сырыыта 2024 сыл бэс ыйын 8 күнүгэр оҥоһуллара былааннанар.
Биһиги РФ ЫБММ Саха сиринээҕи кылаабынай управлениетын Бүлүү улууһунааҕы салаатын кылаабынай исписэлииһэ Андрей Каратаевтан аракыата тобоҕун хомуйар үлэ хаһан саҕаланарын билистибит. “Билиҥҥитэ туох да ыйыы-кэрдии кэлэ илик. Төлөпүөннээн сорук туруордахтарына, тустаах үлэбитин сотору саҕалыахпыт”, диэн быһаарда Андрей Алексеевич.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: