«Время чудес» Саҥа дьыллааҕы аахсыйаҕа кыттыс, аккырыыкката ыыт

Share

 Саха сирин олохтоохторо чугас дьонноругар ахсынньы 4 күнүттэн Саҥа дьылынан эҕэрдэ аккырыыккаларын босхо ыытыахтарын сөп. Аахсыйа 2021 сылтан «Мин докумуоннарым» киин тэрийиитинэн ыытыллар.

Маннык эҕэрдэ киһиэхэ ураты истиҥинэн, сылааһынан илгийэр. Итинник истиҥ эҕэрдэни төлөпүөнүнэн да, көмпүүтэринэн да тиэрдибэккин диэн «Мин докумуоннарым» кииҥҥэ этэллэр.

Аахсыйа төрдүс төгүлүн ыытыллар, бу тэриллибит кэмин устатыгар дойду үрдүнэн уопсайа 15 000 аккырыыкка ыытыллыбыт. Быйыл тираж 3000.

Саҥа дьыллааҕы үөрүү-көтүү дьоҥҥо-сэргэҕэ «Алмаасэргиэнбаан», «Почта России» УФПС уонна «Ахсым» рекламнай-полиграфическай хампаанньа көмөлөрүнэн тиэрдиллэр.

Тэрийээччилэр этэллэринэн, чугас киһини эҕэрдэлиир судургу — аахсыйа ыытыллар пуунугар кэлэҕин, аккырыыккаҕа эҕэрдэҕин суруйаҕын уонна Арассыыйа буостата анаан туруорбут дьааһыгар угаҕын. Аккырыыкканы дойду хайа баҕарар эрэгийиэнигэр босхо ыытаҕын. Аккырыыкканы толоруу быраабылатын умнумаҥ:

1. Ыытааччы уонна аккырыыкканы тутар киһи нэһилиэнньэлээх пуунун индексин ыйаҕын;

2. Хайа да өртүттэн аадырыс чуолкай буолуохтаах.

Аахсыйа ыытыллар сирдэрэ:

-«Мои Документы», Аммосов уул., 18

-«Алмазэргиэнбанк» АО, Ленин пр. 10

Аккырыыккалары РФ иһигэр ыытаҕыт.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

28 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

57 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Таатта оройуонугар хачыгаар уокка сиэппит

Таатта улууһугар хочуолунай үлэһитэ эчэйии ылбытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Тааттаҕа эр киһи бэйэтин биир идэлээҕин атаҕастаабытын иһин эппиэтинэскэ тардылынна

Таатта улууһун борокуратуурата олохтоох киһи доруобуйатыгар соруйан буортулааһыны  оҥоруу иһин холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Бу…

2 часа ago