Олунньу 19 күнүгэр “Сахамедиа” медиа-киинигэр “Хапсыһыы” уус-уран киинэ хамаандата айымньыларын сүрэхтиир пресс-кэмпириэнсийэни ыытта.
“Миигин кытта үҥкүүлээ” диэн ааттаах бастакы киинэтинэн көрөөччү тапталын сүүйбүт эдэр режиссер Никандр Федоров (билигин режиссер аатын уларытан Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор диэн буолбут) аатырбыт тустуук Вячеслав Карпов олоҕун туһунан суруйбут “Очурга оҕустарыы. Кыайыыга кынаттаныы” кинигэтигэр олоҕуран устубут киинэтэ.
Киинэни устубут хамаанда: режиссер уонна сүрүн оруолу толорооччу Эр Санаа Ох-Хотор, киинэ биир сүрүн дьоруойун оонньообут Кэрэчээнэ Туприна, тустуу сыаналарын туруорбут, Эр Санааны тустууга эрчийбит Дмитрий Павлов уонна киинэ толорооччу продюсера Евгений Шамаев олунньу 22 күнүгэр тахсар киинэлэрин туһунан кэпсээтилэр.
Эр Санаа Ох-Хотор: “Олус үчүгэй киинэни оҥорон таһаардыбыт. Эрдэ маннык киинэ Саха сиригэр уһулла илик. “Хапсыһыы” хорсун, киһини толкуйдатар дириҥ ис хоһоонноох дыраама. Мин санаабар, киинэбит олуһун табылынна, көрөөччү астыныаҕа, киинэ тыйаатырдарын «хайа тардыахпыт» диэн эрэллээхпин!” Режиссер этэринэн, “Хапсыһыы” бастаан өҥнөөх хартыына курдук уһуллубут эрээри, оҥоруу кэмигэр хара-маҥан форматтаах буолуохтааҕа көстөн кэлбит. Бу мантан сылтаан туруорааччы операторы Андрей Егоровы кытта мөккүөр тахса сылдьыбыт эрээри, бүтэр уһугар уопсай уус-уран быһаарыыны сөпсөспүттэр.
Дмитрий Павлов: “Киинэ харалыы таҥыытын көрбүтүм, олус сатабыллаахтык оҥоһуллубут дии санаатым, астынным. Эр Санаа дьаныһан туран дьарыктаммыта көстөр. Киинэҕэ тустуу түгэннэрин туруорууну таһынан, сорох тустуу түгэннэригэр дублер быһыытынан уһуллубутум. Көрөөччү киинэбитин сөбүлүө диэн эрэнэбин”.
Кэрэчээнэ Туприна: “Уус-уран киинэҕэ бастакы холонуум. Кастиҥҥа ыҥырбыттарыгар олуһун соһуйбутум, үөрбүтүм. Бастаан ааспатым быһыылаах диэн хомойбутум, онтон ол киэһээ, көстүүмнээх тургутууга “оруол эйиэнэ” диэн үөрдүбүттэрэ. Киинэҕэ устуу үлэтэ умсугутуулаах, айар тыыннаах, үчүгэй баҕайы кэм этэ. Киинэ трейлерин эрэ көрбүтүм, сотору барыгытын кытта тэҥҥэ бастакыбын көрүөҕүм”.
Евгений Шамаев: “Эр Санааны кытта кэллиэскэ бииргэ үөрэммиппит, атын бырайыактарыгар үлэлэспитим, киинэҕэ оонньообутум. Оттон толорооччу продюсер идэтэ олус сылаалаах, элбэх сыраны ирдиир эбит. Үлэбит көрөөччү биһирэбилин ылыа диэн күүтэбин!”
Эр Санаа аатын бу сайын уларыттарбытын туһунан кэпсээтэ. “Эрдэ атын сиргэ тиийдэххэ “тоҕо нууччалыы ааттааххыный?” диэн ыйытыы үгүс буолара. Анапа бэстибээлигэр “Эр Санаа!” диэн суруналыыстар бастаан ыҥыраллара астык этэ. Ити бэстибээлгэ киинэбитин биһирии көрсүбүттэрэ, саамай уһун, элбэх ыйытыылаах пресс-кэмпириэнсийэни ыыппыппыт”.
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…