Вячеслав Соркомов: «Дьоруой туһунан этэр өссө да эрдэ»
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн сонун тарҕаммыта. Үakutia-daily.ru суруналыыһа байыаһы кытта сибээскэ тахсан кэпсэттэ. Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Аммаҕа ийэтигэр уонна дьонугар айаннаан иһэрин тутан сэһэргэстилэр.
— Слава, бэйэҥ тускунан кэпсээ. Эн хантан төрүттээххиний? Байыаннай дьайыы иннинэ тугунан дьарыктаммыккыный?
— Мин аатым Вячеслав Никитич Соркомов. 1988 сыллаахха муус устар 1 күнүгэр Муома улууһун Сааһыыр нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Табаһыт этим, ыстаадаҕа аҕам убайын Вячеслав Хабаровы кытта бииргэ үлэлээбитим. Аармыйаҕа сулууспалаабатаҕым. Байыаннай дьайыыга 2023 сыл алтынньытыгар хантараагынан барбытым. Тайҕаҕа уонна туундараҕа бултка үөрүйэҕим Украинаҕа олус көмөлөстө.
— Туох иһин Арассыыйа Дьоруойа наҕараадатыгар түһэрдилэр?
— Ыам ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри бастайааннай штурмаларга кыттыбытым. Бастаан рядовой штурмовик этим, онтон улахан бөлөх старшайынан анаммытым. Байыаннай сорудахтары барытын толорбуппут. Угледарга 3-с шахта уонна «Аквариум» перекрестокка ордук сытыы киирсиилэр буолбуттара. Элбэх үлэни оҥорбуппут. Онно биһиги, сахалар, ураты бэлиэтэммиппит. Түмүк киирсии Богоявленка дэриэбинэ иһин буолбута. Биэс сахаттан мин уонна табаарыһым хаалбыппыт. Бу кэмҥэ үс төгүл бааһырбытым. Дьоруой туһунан этэр эрдэ. Арассыыйа Дьоруойун аатыгар түһэрбиттэрэ эрэ. Онно биир генерал итинэн дьарыктанар.
— 3- с шахта диэн тугуй?
— Онно дьиэ-уот, эбийиэк, хаһыылар элбэх этэ. Ону барытын «ыраастаабыппыт».
— Олохторун олук уурбут доҕотторун туһунан эттэххэ?
— Иванов Иван Сунтаартан — позывнойа «Сунтаар». Кини миигин кытта бүтэһик уһугар диэри тиийбитэ – Богоявленкаҕа диэри. Томпо улууһуттан Стас Аммосов- позывнойа «Тайфун». Кинилэри наҕараадаҕа түһэрбиттэрэ. Сунтаартан Толик – позывнойа «Рентген». Сунтаартан «Шрам» — кини 3- с шахта штурматыгар олохтон туораабыта.
— Наҕараадаламмытыҥ дуо?
— Хорсун буолуу уордьана уонна Суворов мэтээлэ.
— Төрөөбүт дойдугар эйигин ким күүтэрий?
— Ийэм, быраатым, эдьиийим. Кыыһым.
— Доруобуйаҥ хайдаҕый?
— Ойоҕостотуу буулаата. Онно кыһынын олус сииктээх уонна тыаллаах. Түүн ханна сылдьарбытынан хонорбут. Холобур, таанка анныгар.
—Андрей Григорьев туһунан видео көрбүтүҥ дуо?
— Көрбүтүм. Биһиги эмиэ тыын-тыыҥҥа харбаһар кытаанахтык хапсыһар этибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: