Вытрезвители аһан, итирик дьоҥҥо көмөнү оҥоруу туһунан боппуруоһу вице-премьер Ольга Балабкина онлайн көрүҥүнэн ыыппыт мунньаҕар көрдүлэр.
2011 сыллаахха “О полиции” федеральнай сокуон ылыллыаҕыттан, дойду үрдүнэн вытрезвителлэри саппыттара, итирик туруктаах дьону балыыһаларга тиэрдэр буолбуттара. 2020 сыллаахха вытрезвителлэри хат арыйар туһунан федеральнай сокуон ылыллыбыта. Сокуон ирдэбилинэн, вытрезвителлэри тэрийии эрэгийиэннээҕи былаас боломуочуйатыгар баар.
— Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин хайысхатынан вытрезвители тэрийэр туһунан быһаарыы ылыммыппыт. Ол эрээри, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ син биир бииргэ үлэлэһиэхтээх. Дьокуускайга “Тирэх” социальнай адаптация киинин базатыгар вытрезвитель номнуо үлэлии турар. Салгыы Алдан, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Хаҥалас оройуоннарыгар аһыахпыт, — диэн вице-премьер Ольга Балабкина эттэ.
Быйыл быраабылаҕа уларыйыылар киирдилэр. Холобур, вытрезвительгэ бэйэлэрэ кэлэн, көмө көрдөөбүт дьон туһунан нуорма баар буолла. Бу иннинэ итирик дьону вытрезвительгэ полиция эрэ тиэрдэр буолара.
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников этэринэн, “Тирэх” кииҥҥэ баар вытрезвительгэ кэлбит дьонтон улахан аҥаардара бэйэлэрэ тиийэн кэлбиттэр, кыра аҥаардарын полиция аҕалбыт.
Мунньах түмүгэр Ольга Балабкина оройуоннарга вытрезвителлэри аһарга дьиэни буларга соруйда.
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…
Билим чинчийиитинэн дьарыктанар үөрэнээччилэр уонна устудьуоннар дакылааттарын бүгүн, Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Егор Борисов…
Украинаны НАТОҕа ылалларын этинэллэр эрээри, Трамп дьоно ылымматтар быһылаах.