XIX үйэҕэ Өлүөнэ эбэни хайдах туоруулларай?
Саха сиригэр 19-с үйэтээҕи олох-дьаһах туһунан бэрт элбэҕи ол кэмнээҕи сыылынайдар ахтыыларыттан, этнографическай үлэлэртэн билэбит. “Күлүүһэ суох хаайыынан” ааттаммыт дойдубутугар бэрт элбэх үөрэхтээх дьон кэлэн хааллыбыттара, үгүстэрэ олохторун ыар кэрчигин бэрт сиһилии суруйан хаалларбыттара.
Биир оннук киһинэн Николай Виташевскай буолар. 1878 сыллаахха ыраахтааҕы былааһын утары үлэтин иһин тутуллубута, онно утарылаһан жандармы бааһырдан 6 сылга хаатыргаҕа бириигэбэрдэнэн Сибииргэ кэлбит. 1882 сыллаахха күрээһини тэрийиигэ буруйданан Саха сиригэр хаайылларга уураахтаммыт. Манна Байаҕантай улууһун II Игидэй нэһилиэгэр утаарыллыбыт. Сиимэн Слепцов диэн киһи олорор Халымньыйа алааһыгар олорбута биллэр (билигин бу сир Сиимэн Күөлэ диэн ааттаммыт, Таатта улууһун Уолбатыгар баар). Николай Виташевскай Саха сирин туһунан балачча элбэх кэпсээннэри, ыстатыйалары араас сурунаалларга бэчээттэппитэ биллэр. Сахалар үгэстэрин, ол кэмнээҕи олох-дьаһах туругун, ойууннааһын туһунан кэтээн көрүүлэрэ, ыраахтааҕы администрациятын итэҕэстэрин, сыылка устуоруйатын туһунан суруйуулара архыыптарга хаалбыттар. Бүгүҥҥү ыстатыйаҕа бу “судаарыскай” сорох суруйууларыттан быһа тардан билсиэхпит.
Төлөбүрдээх «босхо» туоратыы
«Сайын өрүһү Дьокуускайтан анараа кытылга туорааһыны чааһынай дьону кытта куорат былаастара хааччыйаллар. Кытылга олорор сахалар урут-уруккуттан бу үлэнэн дьарыктаналлар, оттон куорат салалтата хас да сыл анараа өттүгэр бу дьарыгы бэйэтин дьаһалыгар ыларга соруммута. Дьиҥэр, былаас тиэйиигэ өҥөтө босхо буоларын курдук сананан тэриллибитэ. Ол курдук хас да сыл тиэйии бэдэрээтин Гольман диэн ааттаах урукку бэтэринээр идэлээх киһи ылар. Куорат дьаһалтатын кытта түһэрсэр дуогабара этэринэн, кини хас даҕаны араас кээмэйдээх уу аалын бэлэмнээн, күн аайы усталларын хааччыйыахтаах, олор икки кытылга кэлээччилэри босхо тиэйиэхтээхтэр. Куормаһыттары, кытылы бэрийээччилэри кини хамнастыахтаах. Ол эрэн, тыа уонна куорат өттүгэр олорор “кытыл тойотторо” хонтуруол суоҕунан туһанан, бары туорааччылартан соболоҥ ирдиир үгэстээхтэр, ону бопсор туһунан дуостал ким даҕаны санаабат. Ол да буоллар, син былаас анаабыт тэрилтэтэ аатырар буолан, кэпсэтэр кыахтаах киһи кыайыан сөп. Сүрүн барыстарын “кытыллар” сүөһүнү, арыыны атыыга илдьэн иһэр дьонтон ылаллар – бу тыа сахалара куораты кытта эргинэр сүрүн табаардара.
Манна диэн эттэххэ, куормаһыттар уонна “кытыллар” ити кэмэлдьилээх дьарыктара кыһалҕаттан тахсар. Холобур, куормаһыттар Гольмантан үлэлэрин соболоҥо диэн 40 солкуобайы аахсаллар, ону муус устар 1 күнүгэр бүтүннүү ылаллар уонна алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэлиэхтээхтэр. Муус устарга бу дьон тыыларын, эрдиилэрин бэрийэллэр. Бэрт сотору аахсыбыт хамнастарын олоччу сиэн (сороҕун, биллэн турар, арыгылаан) кэбиһэллэр. Онон уу суола арыллыаҕыттан кэлбит-барбыт дьонтон төлөбүр хомуйарга күһэллэллэр. Оттон кытыл үлэһиттэригэр Гольман тугу да төлөөбөт, онон кинилэр туорааччылартан манньа көрдүүллэрэ буолуохтааҕын курдук өйдөнүллэр.
Бобуулаах арыгы атыыта
Ити курдук балаһыанньа үөскээн, кытылга туспа төлөбүрдэр олохтоммуттар. Холобур, биир ат туорааһына 40-50 кэппиэйкэ, биир ынах сүөһү 25-30 кэппиэйкэ буолар. Халыма уонна Үөһээ Дьааҥы атыыһыттара таһаҕастарын тиэйиитигэр бэйэлэрэ туспа дуогабардаһаллар (3-5-10 солк.). Хонтуруол суоҕа өссө биир хомолтолоох кэмэлдьини үгэскэ кубулутар – куормаһыттар уонна ордук “кытыллар” ааһар сахаларга арыгы атыылыыллар. Бэрт куһаҕан хаачыстыбалаах буокканы (куоракка 35-40 кэп. сыаналаах) ортотунан 1 солкуобайга атыылыыллар. Дьиҥэр, аһыы утаҕы куораттарга эрэ атыылыыр көҥүллэнэр, куорат таһыгар уонна сахалар олохтоох сирдэригэр арыгы атыыта бобуулаах. Ону туһанан кытыл олохтоохторо барыс киллэринэллэр. Оттон арыгы баар сиригэр итирик киһи элбиирэ биллэр, оттон итирик дьон мустар сиригэр иирсээн тахсарын киһи этэ да барбат. Биир бэйэм өрүһү туоруур кыһалҕаттан кытылга бэрт элбэхтэ хонон турардаахпын – хас сырыым аайы итирик иирсээни көрөр этим».
Ыгым кэмҥэ туорааһын туһунан түбэлтэ
Виташевскай сыылкатын миэстэтэ Байаҕантай улууһун II Игидэй нэһилиэгэ эрээри, Дьокуускайга уһун кэмҥэ олорор эбит быһыылаах – куорат туһунан элбэх ахтыылары хаалларбыта биллэр. Биирдэ 188* сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр куорат кытылыттан хайдах туораабытын туһунан туспа кэпсээн суруйан хаалларбыт. Ити кэмҥэ кыдьымах хойуутук устан, билигин буоларын курдук, “туорааһын сабыллыбыт дуу, тиһэх сырыы оҥоһуллар дуу?” диэн саараҥныыр туорааччылар кытылга мустубуттар. “Кыра тыы наймылаһан дөбөҥ соҕустук туоруур баҕа санаалаах дьон элбэхтэрэ” диэн суруйар Виташевскай. Ол эрэн, анараа кытылга элбэх киһи хаайтаран турар буолан, биир улахан аал туоратара биллибит. Балаҕан Ньукулай диэн ааттаах кытыл тойонун ааптар бу курдук ойуулуур:
“40-ча саастаах киппэ эттээх-сииннээх, бар бытык сирэйдээх, онон нуучча хаана булкаастааҕа биллэр киһи. Сирэйиттэн-хараҕыттан сылыктаатахха, күүскэ иһэрэ көстөр, ону таһынан, өрүс тыала-кууһа хараардыбыта бэрт суостаах дьүһүннүүр. Көхсүгэр чокуур саа сүкпүт, саннын нөҥүө нотуруускалаах. Сахалыы тигиллибит бууктаах сонун дьэс алтан симэхтээх хара курунан бааммыт, онтукатыгар кутурук кыыннаах саха быһаҕа уонна хататтаах саппыйа иилиллибиттэр. Тугут тириитэ кулгаахтаах бэргэһэлээх, сылаас үтүлүктэрдээх. Кэлээт даҕаны нууччалыы-сахалыы былаан үөхсэн барбыта, “бүгүн туорааһын буолар дуо?” диэн ыйытыыга, “бүгүн туораабатахпытына, хаһан туоруохпутуй!?” диэн бардьыгынаабыта”.
Куормаһыттар Баһылай диэн ааттанар татаар киһитэ улахан этиһиинэн туорааччылары олордон уонна таһаҕастарын тэлгэтэн баран аалын уугу киллэрбит – аалы үгэс курдук туоруур эр дьон эрдэллэр эбит. Кыдьымах муус мустан тыы сатаан тобулбат мэһэйдэри үөскэтэн, бэрт элбэх эрэйи көрсүбүттэр, бүтэр уһугар өрүс ортотугар арыыга тохтоон хоммуттар. Ыксаан “биир эмэ аты сиэххэ” диэн этии киирбит эрээри, хата арыыга дьон олорор дьиэтин буланнар, ас атыылаһан, сылааска хоммуттар. Сарсыарда саҥа күүһүнэн мууһу утары охсуһан сордоммуттар, иккис күн бүтүүтэ эрэ кытылга үктэммиттэр. Биллэн турар, сүүрүк устун охсуллан, олох атын сиргэ тиксибиттэр. Виташевскай суруйарынан, “Туруйалаахтан 15 биэрэстэ аллараа тиксибиппит. Ол аата, тиксиэхтээх кытылбытыттан 35 биэрэстэ аллараа устубуппут”.
Түмүккэ
Николай Виташевскай 1897 сыллаахха сыылкатын түмүктээн дойдутугар тиийбит. Санкт-Петербурдааҕы академия истипиэндьийэтигэр Женеваҕа олорон Сибииргэ муспут матырыйаалларын бэрийиинэн дьарыктаммыт. Ол кэнниттэн өр сыллар устатыгар араас хаһыат үлэтинэн дьарыктаммыт, “быстар дьадаҥы олохтооҕо” диэн үөлээннээхтэрэ ахталлар. 1915 сыллаахха Арассыыйатааҕы Географическай уопсастыба кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт. 1917 сыллаахха Москваҕа ыалдьан өлбүт, Петроградка көмүллүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: