Салгыы
XVII–XVIII үйэтээҕи туос суруктар тобохторун сыыппаралааһын саҕаланна

XVII–XVIII үйэтээҕи туос суруктар тобохторун сыыппаралааһын саҕаланна

23.09.2024, 17:55
Хаартыска: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.
Бөлөххө киир:

Туос суруктар тобохторун бу сайын Дьокуускайдааҕы остуруок оннун хаһа сылдьан булбуттара.

Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын нэһилиэстибэтин сыыппаралыыр  кииҥҥэ  XVII–XVIII үйэтээҕи чэрэниилэнэн суруллубут туос суруктар тобохторун сыыппаралааһын саҕаланна. Бу туһунан балаҕан ыйын 23 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр иһитиннэрдилэр.

Эспиэрдэр иннилэригэр уустук сорук турар – суруктар сыыппараламмыт куоппуйалара үрдүк хаачыстыбалаах буолуохтаах, ону тэҥэ  суруктар туруктара чөл хаалыахтаах.

“Бүгүн биһиги хас да үлэни тэҥинэн оҥоробут. Сүрүнэ – Национальнай бибилэтиэкэ исписэлиистэрин көмөлөһүннэрэн уонна оборудованиеларын туһанан, үрдүк хаачыстыбалаах сыыппараламмыт куоппуйаны оҥоруохтаахпыт. Маны гынар туһугар суруктары кэнсиэрбэлэммит туруктарыттан таһаарабыт, дьиҥнээх тиэкиһи кытта үлэлиир уонна уопуһу чуолкайдыыр туһугар көммүт суруктары кээмэйдиэхпит”, — диэн бэлиэтээтэ остуруок оннун хаһар бөлөх салайааччыта, “Хотугу археология-1” билим-производственнай холбоһук археолога Иван Фролов.

Кини этэринэн, туос суруктар тобохторо ирбэт тоҥҥо сыппыт буолан туруктара үчүгэй эбит, ол эрээри салгын уонна күн уота куһаҕаннык дьайаллар. Дьиҥнээх тиэкиһи кытта “Хотугу археология-1” билим-производственнай холбоһук исписэлииһэ, устуоруйа билимин хандьыдаата Илья Горшков үлэлиир, кээмэйдээһинин эспэдииссийэ ыстаарсай лабараана Анна Яровая оҥорор.

+1
6
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: