XVIII үйэтээҕи сэдэх эспэнээт быыстапкаҕа туруоруллуоҕа

Share

1984 сыллаахха Өлөөн улууһугар XVIII үйэтээҕи көмүүттэн тунгуус дьахтарын соно (кафтан) көстүбүтэ. Дьикти уонна сэдэх экспонаты Саха сирин биллиилээх археолога Никита Архипов булбута.


Сиэҕэ суох, хоруоҥкалаах таҥас Москваҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы художественнай научнай-реставрациялыыр кииҥҥэ икки сыллаах саҥардыы үлэтин кэнниттэн дойдутугар Саха сиригэр төнүннэ. Бу эспэнээт балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри «Арассыыйа -– мин устуоруйам» түмэлгэ «Код предков – сквозь глубину веков» быыстапкаҕа туруоруллуоҕа.
Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн балаҕан ыйын 23 күнүгэр буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрдилэр.
Таба тириититтэн сиэри-туому толорууга  кэтэргэ анаан тикпиттэр, маннык саха археологиятыгар соҕотох, эбэҥкилэр этнографияларын уонна былыргы үгэстэрин кэрэһэлиир.
М.А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интэринээт култуураҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Никита Деевич Архипов пресс-кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрбитинэн, кини Өлөөн улууһугар уон сыл устата 40-ча көмүүнү чинчийбитэ.
Бу таҥаһы 2017 сыллаахха Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл дириэктэрэ Ася Габышева “Арктика раритеттара” быыстапкаҕа көрдөрөөрү Өлөөн улууһуттан аҕалбыта. Онтон ыла сэдэх эспэнээт түмэлгэ 2022 сылга диэри быстах туһаныыга турбута. Билигин Өлөөн улууһун устуоруйа-этнография түмэлигэр хараллан сытар. Быыстапкаҕа ону сэргэ тимир киэргэллэри, норуот ускуустубатын аныгы оҥоһуктарын, ол иһигэр эбэҥки көстүүмүн уонна норуот маастардарын оҥоһуктарын көрүөххэ сөп.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

9 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

10 часов ago